Былыт

Былыт диэн салгыҥҥа баар көстөр уу.

Былыттан хаар уонна ардах түһэр.

Былыт
Халлааҥҥа былыттар

Сиргэ баар уу паар буолан халлааҥҥа тахсар. Үөһэ халлааҥҥа тымныыгар уу муус кристалларыгар кубулуйар, ол хомуллан ардах эбэтэр хаар буолан түһэр. Түһэн баран эмиэ халлааҥҥа паар буолан тахсыан сөп. Ону уу цикла диэн аттааччылар.

Салгыҥҥа киһи көрбөт уу кыырпахтара син биир баар буолар. Салгыҥҥа уу сатаан турбат буоллаҕына былыттарга мунньустар.

Сылаас салгыҥҥа элбэх уу хараныан сөп. Тымныы буоллаҕына оннук элбэх хараныллыбат.

Былыттар олус улахан ыйааһыннах буолаллар. Уутун массата хас да мөлүйүөн тонна буолуон сөп.

Былыттар араастара

Былыт 
Викторияҕа перисто-кучевой былыттар
Семейства Род
Үрдүкү ярус былыттара(орто широталарга 6-ттан 13 км дылы буолар) Перистай былыттар (Cirrus, Ci)
Перисто-кучевой былыттар (Cirrocumulus, Cc)
Перисто-слоистай былыттар (Cirrostratus, Cs)
Орто ярус былыттара.(орто широтаҕа 2-ттэн 7 км дылы) Үөһээ-кучевой былыттар (Altocumulus, Ac)
Үөһээслоистай былыттар (Altostratus, As)
Аллараа ярус былыттара (орто широтаҕа 2 км дылы) Слоисто-ардахтаах былыттар (Nimbostratus, Ns)
Слоисто-кучевой былыттар (Stratocumulus, Sc)
Слоистай былыттар эбэтэр Чалах былыт (Stratus, St)
Тура сайдар былыттар (конвекция былыттара) Кучевой былыттар (Cumulus, Cu)
Кучево-ардахтаах былыттар (Cumulonimbus, Cb)

Өссө Даҥ хара былыт - олус хара, ыһырыктыйбыт хараҥа былыт.

Саха былыты араарыыта

  • Босхо былыт - кыра лоскуй былыт
  • Итир былыт - үөһэнэн сылдьар үрүҥ чараас кэрдиистиҥи көрүҥнээх уһун синньигэс былыттар
  • Күдэн былын (күдэрик, күдээр) - тумаҥҥа маыйгынныыр, намыһыах, түргэнник устар былыттар
  • Сатыы былыт - намыһаҕынан устар былыттар
  • Сис былыт - кыһын ортотугар (тохсунньу эргэтигэр) кэлэр хас да хонуктаах былыт, ол былыт кэлиэҕиттэн ыла тымныы мөлтүүр.
  • Сыстаҥ былыт - кэлим ардах былыта кэлиэн иннинэ киистэнэн субуйа тарпыт курдук чараас былыттар
  • Таҥалай (тараах) былыт - сайыҥҥы логлоруттаҕас, өрүтэ өрөһөлөммүт үрүҥ былыттар
  • Тор былыт - ардах былыта (быстах былыт)
  • Уулаах былыт - харааран көстөр, ардыахтаах кэлим былыт
  • Чуо булут - соҕотох тоҥ былыт
  • Этиҥ былыта - хараҥа өҥнөөх олус халыҥ, этиҥнээх, чаҕылҕаннаах, дохсун ардахтаах, үкүсүгэр күүстээх тыаллаах былыт
  • Дабды самыыр - бөдөҥ таммахтардаах ардах.
  • Даҥ хара былыт - олус хара, ыһырыктыйбыт хараҥа былыт.

Галерея

Бэлиэ курдук

Библияҕа, былыттар Таҥара баарын туһунан бэлиэ буолар.

Быһаарыылар

Tags:

Былыт тар араастараБылыт ГалереяБылыт Бэлиэ курдукБылыт БыһаарыыларБылытАрдахУуХаар

🔥 Trending searches on Wiki Саха тыла (Saxa Tyla):

ЭпиВакКорона28Дойдулар телефон кодтара38Потапова ВарвараMicrosoft WindowsSony Music PublishingХолбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ21395Алтынньы 19Сэбиэскэй Социалистыы Республикалар СойуустараАрассыыйаАмерика Холбоһуктаах Штааттара2018TencentЧехия581789Афанасьева Валентина Петровна1962Эмодьи1689Саха атаСынтайКулун тутар 271966ЭкэниэмикэОсло5347ИндБал саалатаАтырдьах ыйын 22Арассыыйа уонна Украина сэриитэ 202281Ыам ыйын 23СтокһольмПольша2017Мята, хонуу мятатаИраанWindows 11ЭгиипэтHenkelАтина.cnКоролёв Сергей ПавловичAudiТомская Дария Андреевна1907КириллицаОрландоУруулар ааттара2002ПанаамаВелико ТърновоМарк ТвенКэм курдааһынаУоспаНеустроева Анна ДенисовнаПерс тылаМальтаЛебедкин Семен РуфовичГражданскай көмүскэнии аан дойдутааҕы күнэVerizonУолт Дисней20082007Бадараан🡆 More