Аустралиа (ааҥл. Australia), официал аата Аустралиа Сомоҕолоһуута (ааҥл. Commonwealth of Australia), Сир соҕуруу өттүгэр баар дойду.
Аустралия континены бүтүннүүтүн ылар, Тасмания арыы уонна өссө хас-да Чуумпу океаҥҥа уонна Индия океаныгар баар арыылар. Аустралияттан чугас дойдулар: Индонезия, Илин Тимор уонна Папуа Саҥа Гуинея хоту, Соломон арыылара, Вануату уонна Саҥа Каледония хотугулуу-илин уонна Саҥа Зеландия соҕуруулуу-илин.
Аустралиа Сомоҕолоһуута | ||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Өрөгөй ырыата: Advance Australia Fair | ||||||
Киин куората | Канберра | |||||
Largest city | Сидней | |||||
Ил тыла | Суох | |||||
Дойду тыла | Ааҥл тыла | |||||
Олохтоохтор ааттара | Аустралиялар | |||||
Дьаhалтата | Конституция монархията | |||||
- | Монарх | Элизабет II | ||||
- | Генерал-губернатор | Майкл Дьеффри | ||||
- | Премьер миниистир | Кевин Радд | ||||
Тутулуга суох буолуу буолуу | Холбоhуктаах Хоруоллуктан | |||||
- | Конституция | Тохсунньу 1 1901 | ||||
- | Statute of Westminster | Ахсынньы 11 1931 | ||||
- | Statute of Westminster Adoption Act | Алтынньы 9 1942 | ||||
- | Australia Act | Кулун тутар 3 1986 | ||||
Иэнэ | ||||||
- | Бүтүн | 7 741 220 km² (6th) 2 988 902 sq mi | ||||
- | Уу (%) | 1 | ||||
Олохтоохторо | ||||||
- | 2008 estimate | 21,370,000 (53rd) | ||||
- | 2006 census | 19,855,288 | ||||
- | Олохтоох чиҥэ | 2.6/km² (235th) 6,7/sq mi | ||||
БИО (АКП) | 2007 estimate | |||||
- | Total | US$718.4 billion (IMF) (17th) | ||||
- | Per capita | US$34,359 (IMF) (14th) | ||||
БИО (номинал) | 2008 estimate | |||||
- | Total | US$1046.8 billion (13th) | ||||
- | Per capita | US$49,271 (DFAT) (16th) | ||||
КСИ (2007) | ▬ 0.962 (high) (3rd) | |||||
Валюта | Аустралия доллара (AUD ) | |||||
Кэм зоната | various (UTC+8 to +10.5) | |||||
- | Сайыҥҥы кэм | various UTC+9 to +11.5) | (||||
Ил домен | .au | |||||
Телефон кода | +61 |
Дьон Аустралияҕа 42,000 тахса сыллааҕыта кэлэн олохсуйбуттара. Бастакы Эуропа дьоно 1606 с. кэлбиттэрэ. 1770 с. Аустралия Британия Империятын сирэ буолбута. Тохсунньу 26 к. 1788 с. Саҥа Соҕуруу Уэльс диэн Британия бастакы колонията тэриллибитэ. 19 үйэ устата өссө биэс колония баар буолбута. Бу алта колониялар тохсунньу 1 к. 1901 с. федерация буоланнар Аустралия Холбоhуга тэриллибитэ.
Аустралия аан дойду биир саамай сайдыылаах уонна баай дойдуларын ахсааннарыгар киирсэр. Аан дойдуга баайынан үһүс миэстэни ылар. Дьон орто хамнаһа 41 тыһыынча долларга тиксэр. Аустралия аан дойду үрдүнэн элбэх тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар. Ону таһынан Аустралия сайдыылаах индустриялаах дойдуларга киирсэр. Улахан үп киинэ буолар.
Аустралияҕа сүүһүнэн араас омук олорор, Америка курдук иммиграннар дойдулара буолар, ол эбэтэр олохтоохторо үксүлэрэ кэлиилэр. Дойду дьонун бүттүүн ахсаана 23 мөллүйүөн 577 тыыһынча 675 киһи. Олортон 16 мөллүйүөн курдуга аустралиялар.
Аустралия сахалара диэн Аустралия дойдутугар олорор уонна Аустралия дойдутун паспорын илдьэ сылдьар сахалар, эбэтэр наар олохтоох хаартатын илдьэ сылдьаллар. Сахалар Аустралияҕа бастаан 19 үйэ саҕаланыытыгар кэлбиттэрэ. Үксэ балыксыттар, кыһыл көмүс көрдөөччүлэрэ этэ. Билигин Аустралия баай уонна күүскэ сайдыбыт буолан араас омук барыта олохсуйа барар сирэ буолла. Олор ахсааннарыгар сахалар.
Аустралия олорор сахалар ахсааннара:
Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Аустралиа, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.