Һеллоуин (Halloween) диэн Америка бырааhынньыга, алтынньы 31 ылыллар.
Samhain диэн кельт бырааhынньыгыттан уонна христиан итэҕэлин Бары айыылар ытык күнэриттэн төрүттээх. Хоту Америкаҕа бу бырааhынньыгы ылыы үгэhин Ирландия иммиграннара XIX үйэ ортотугар аҕалбыттара.
Кэнники кэмҥэ Америка култуурата киинэ нөҥүө тарҕанан уонна Американы кытта доҕордоһор дойдуларга эмиэ тарҕаммыт бырааһынньык буолар, ол курдук Дьоппуон, Соҕуруу Кэриэйэ, Германияҕа, Францияҕа, Сингапурга, Аустралияҕа, Улуу Британияҕа, Скандинавияҕа, Украинаҕа, Эстонияҕа, Литваҕа, Монголияҕа, Малайзияҕа, Бразилияҕа, Чилига, Аргентинаҕа, Мексикаҕа, Испанияҕа ыытыллар.
Саха Сиригэр түүҥҥү кулууптарга масштабнай дискотекалар буолаллар.
Былыргы сахаларга Алтынньы 31 күнэ дьыл ыпсыыта диэн ааҕыллар, онно хара күүстэр күүһүрэллэр диэн буолар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Һеллоуин, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.