Сахалар (нууч.
якуты) диэн түүр тыллаах омук, Саха Сирин төрүт олохтоохторо. Саха тыла түүр тылларын бөлөҕөр киирэр. 2010 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн 500 тыһ. кэриҥэ киһи сахабын дэммит. Бу дьон үксэ Саха Сиригэр, уонна Иркутскай, Магадан уобаластарыгар, Хабаровскай уонна Красноярскай кыраайдарга, Таймыырга уонна Эбэҥки аутоном уокуругар олороллор. Сахалар Саха Сирин олохтоохторун 51 % буолаллар, уонна бу көрдөрүүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх ахсаннаах омуктар буолаллар.
Сахалар (нууч. Якуты/Народ Саха) |
---|
Саха ыала, 1911. Дьахталлар сахалыы түү бэргэhэлээхтэр. |
Бүтүн ахсааннара |
500 700 - 600 000 |
Олорор сирдэрэ |
Саха Сирэ: 504 421 (2022) АХШ: |
Тыллара |
Саха тыла Саха Сиригэр уонна Америкаҕа олорор сахалар, нуучча тыла уонна саха тыла Арассыыйаҕа олорооччулар, английскай тыл Америкаҕа, Канаадаҕа, Аустралиаҕа олорор сахалар. |
Итэҕэллэрэ |
айыы үөрэҕэ, христианство, агностицизм |
20-35% Саха омуга 2020 сыл түмүгүнэн Саха Сирин таһыгар олорор, сүрүннээн Хоту Америка континеныгар (Америка Холбоһуктаах Штааттара, Канаада), Скандинавия кытыл арыытыгар (сүрүннээн Норвегия уонна Швеция), Арассыыйа арҕаа регионнарыгар (үксэ Санкт Петербург уонна Москуба куоратка), Кэриэйэҕэ.
Сорох үөрэхтээхтэр этэллэринэн сахалар Байкал күөл аттыттан Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан өрүстэр кытылларыгар XII үйэҕэ көһөн кэлбиттэрэ. Сахалар былыр-былыргыттан сылгы, сүөһү иитэллэрэ, атыынан-эргиэнинэн дьарыктаналлара, бэйэлэрэ туспа Таҥара үөрэхтээхтэрэ, сэрии, сэп сэбиргэл туомун тутуһаллара, тимир уһаараллара. Сибииргэ уонна хотугулуу-илин Азияҕа култуура сайдарыгар сабыдыаллара улахан этэ.
Бастакы саха
Сахалар олорор регионнара | |||
---|---|---|---|
Сир аата | Ахсаана | Бырыһыана | Сыла |
Саха Сирэ | 466 492 | 45,539 | 2002 |
Хабаровскай кыраай* | 1 454 | 0,101 | 2002 |
Москва | 1 508 | 0,01 | 2002 |
Красноярскай кыраай | 1 368 | 0,011 | 2002 |
Иркутскай уобалас** | 992 | 0,038 | 2002 |
Эвенкия | 991 | 5,600 | 2002 |
Санкт-Петербург уонна Ленинград уобалаһа | 847 | 0,019 | 2002 |
Приморье | 703 | 0,034 | 2002 |
Новосибирскай уобалас | 473 | 0,018 | 2002 |
Магадан уобалаhа | 469 | 0,257 | 2002 |
Красноярскай кыраай | 332 | 0,011 | 2002 |
Амур уобалаhа | 314 | 0,035 | 2002 |
Бүрээтийэ | 283 | 0,029 | 2002 |
Свердловскай уобалас | 277 | 0,006 | 2002 |
Москва уобалаһа | 242 | 0,004 | 2002 |
Чита*** | 206 | 0,019 | 2002 |
Алтай | 145 | 0,006 | 2002 |
Томскай | 128 | 0,012 | 2002 |
Сахалин | 120 | 0,022 | 2002 |
Краснодар кыраайа | 114 | 0,002 | 2002 |
Арассыыйа Федерацията бүттүүн | 478 085 | 0,035 | 2010 |
Украина | 304 | 0,001 | 2001 |
Казахстан | 119 | 0,0 | 2009 |
Тас сахалар диэн Саха Республикатын таhыгар олорор сахалар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сахалар, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.