Хомер (был.-гириэк.
Былыргы бириэмэ литературатыттан харайыллыбыт лиетартураттан биирдэстэрэ. Былыргы баайдартан биирдэстэринэн ааҕыллар. Троя сэриитин туһунан кэпсииллэр, ол сэрии биһиги эрабыт иннинэ 1190 сыллаахха ааспыта. Гомер айамньылара кэнники буолан баран суруллубутунан ааҕыллар.
Бу период историятын уустуга диэн Микеналар цивилизацията бу кэнниттэн хас да сүүс сыл эстии туругар сылдьыбыта, ол иһин аҕыйах матырыйаал хаалбыт. Бу период, Греция Хараҥа бириэмэтэ, быһа холоотоххо биһиги эрабыт иннинэ 800 сыллаахха тохтообут, ол бириэмэттэн саҥа греция алпабыытынан суруллуйбут матырыйаллар харайыыллыбыттара бааллар. Ол иһин Гомер бириэмэтигэр ол уструоруйалар дьонтон дьоҥҥо тылынан бэриллэрэ.
Гомер туһунан информация эмиэ аҕыйах. Сорохтор олох даҕаны олорботох киһи диэн быһаараллар, сорохтон дьахтар этэ диэн этэллэр Үһүйээн быһыытынан Ионияҕа олоро сылдьыбыт хараҕа суох буолар, ол гынан баран онно дакаастабыл суох.
Троя баарын туһунан археология чинчийиилэрэ быһаараллар. Троя турбут сирин булбуттара уонна хастаабыттара. Бу эпос Трояны хаххалыыр бириэмэтигэр уһун кэпсээн курдук айыллыбыта, ол кэнниттэн сиһилии эбиискэлэр баар буолбуттара диэн толйдууллар. Гомер хас хоһоонноро барыта саҥарарга чэпчэки буоларын курдук суруллубуттар диэн быһаараллар.
Гомер хаһан олоро сылдьыбыта биллибэт. Геродот этэринэн Гомер кини иннинэ 400 сыл олорбута, ол аата биһиги эрабыт иннинэ 850 сыл буолар; ол гынан баран атын источниктар Троя сэриитин кэнниттэн наһаа өр буолбаакка эрэ олоро сылдьыбыта диэн этэллэр. Троя сэриитэ биһиги эрабыт иннинэ 1194—1184 сыллахха ааспыта.
Билигин учуонайдар сөбүлэһиилэринэн «Гомер бириэмэтин» олорбутунан буолбакка хаһан хоһооннор тарҕаммытынан ааҕыллар. Ол аата ордук эрдэлээбитэ биһиги эрабыт иннинэ 800 сыллаахтан ордук чугаһа 600 сыллаахха быһаарыллар.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Хомер, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.