Көтөрдөр | ||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Билим классификацията | ||||||||
| ||||||||
Латыынныы аата | ||||||||
Aves |
Көтөрдөр (лат. Aves) диэн куорсуннаах итии хааннаах сымыыттыыр харамайдар. 10 000 тахса көрүҥ баар.
Көтөрдөрү атыннык хотоҕойдоохтор дэнэр. Ол курдук кинилэр кураанах, чараас хотоҕой түүнэн бүрүллүбүт тириилээхтэр. Хотоҕой түү көтөрдөрү бары атын хамсыыр харамайдартан араарар тустаах тас бэлиэ буолар. Көтөрдөр көтөллөрүгэр кынаттарын уонна кутуруктарын бөдөҥ хотоҕойдоро — куорсуннара — улахан суолталаахтар. Көтөр түүтэ итиини үчүгэйдик тутар. Көтөрдөр олус кыраҕылар. Холобур, сыһыы үрдүнэн кый үрдүккэ элиэтии сылдьар хотой от быыһынан сүүрэн эрэр кутуйаҕы тэһэ көрөр. Көтөрдөр үгүстэрэ олус киэҥ сири хабан, тулаларын эргиччи кэриэтэ көрөллөр. Ол иһин иннилэригэр буолбакка, ойоҕосторугар уонна кэннилэригэр туох баарын эндэппэттэр.
Саха сиригэр көтөр 291 арааһа баара биллэр. Төрөөбүт дойдубут сирэ төһө да тымныы тыйыс кыһыннаах буоллар, көтөрдөр манна кыстыыллар. Сүрүннээн туундара уонна ойуур көтөрдөрө кыстыы хаалаллар.
Бу көтөргө сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Көтөрдөр, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.