Адель Лори Блу Адкинс (1988 сыл ыам ыйын 21 күнүгэр Тоттенхемҥа, Лондон таһыгар, Холбоһуктаах Хоруоллукка төрөөбүт Англия соул, джаз, контральто ырыаһыта.
Бу ыстатыйаҕа Адель (ырэhыт) ыстатыйа иһинээҕитэ көһөрүллүөхтээх уонна онтон утаарыы туруоруллуохтаах. Бу ыстатыйалары холбоон көмөлөһүөххүн сөп. Өскө холбооһун тоҕоостооҕун ырытыы булгуччулаах буоллаҕына, бу халыып оннугар {{Холбуурга}} халыыбы туруор уонна Бикипиэдьийэ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу. |
Адель | |
---|---|
Сүрүн информация | |
Аата | Адель Лори Блу Адкинс |
Төрөөбүтэ | 1988 сыл ыам ыйын 21 күнэ Тоттенхем, Лондон, Холбоһуктаах Хоруоллук |
Жанра | Соул, блюз |
Voice type(s) | Контральто Gilbert, Andrew Singer-songwriter Adele brings introspection to Brit-soul scene. Seattle Times. |
Ыллаабыт сыллара | 2006 - билиҥҥигэ дылы |
Лейбллара | Divided By Law, Universal Music, XL Recordings |
Уэбсайт | Официал уэбсайта |
Адель Кройдон куоракка 2006 сылыгар БРИТ оскуоланы бүтэрбитэ. 2006 сыл от ыйыгар "Платформ магазин" диэн сурунаалга икки ырыатын таһаарбыта. Оскуоаны бүтэрэн баран табаарыстарын Джэк Пеньате ону тэҥэ Джейми Ти, Рауль Мидон, Девендра Банхарт, Эймос Ли уонна Кэрон Энн буолан Англия үрдүнэн араас куораттарыгар кыракый оруоллары оонньуур буолбут. 2007 сыл алтынньытыгар бастакы хедлайнер быһыытынан кыттыбыта.
Бастакы альбому аата Hometown Glory диэн эбит. Ол аата "Төрөөбут куоратым албан аата"'. Ол альбом ырыалара сүнньунэн Тоттенхем туһунан эбит. Альбому 2007 сыл Алтынньы 22 күнүгэр таһаарбыттар. Ол кэнниттэн Адель XL Recordings диэн музыкальнай лэйблы кытта илии баттаабыт. 2008 сыл Тохсунньутугар иккис синглын Chasing Pavements таһаарбыт.\
Ол кэнниттэн MySpace социальнай ситимҥэ олус ситиһиилээъ буолбут. Лили Аллены холобур оҥостон интернетка медиафокус ылбыта, уонна дьон ырыалар туһунан тугу толкуйдуурун туттар буолбут. BBC2 канаалга Later With Jools Holland шоуга Daydreamer ырыаны ыллаан Пол Маккартнины уонна Бьоркы кытта кыттыбыта. 2007 сыл ахсынньы 7 күнүгэр Friday Night with Jonathan Ross шоуга Chasing Pavements ырыаны толорбута.
Онтон 2007 сыл ахсынньы 10 күнүгэр Брит Авардс диэн олус престижнай бириэмийэ хаһаайката буолбута. 2008 сыл тохсунньутугар саҥа Эйми Уайнхаус уонна 2008 сыл куолаһа диэн Би Би Си канал ааттаабыта.
|
|
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Адель, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.