Күүс диэн эттик хамсааһынын кубулутар (түргэтэтэр, бытаардар, хайысхатын уларытар) эбэтэр эттиги кумуктатар (форматын уларытар) дьайыы.
Эттиккэ атын эттиктэр эбэтэр хонуулар дьайаллар. Күүс тэйитэр уонна тардар буолар. Күүс ахсаана векторынан уонна хайысхатынан быһаарыллар. Кээмэйдэнэр биирдигэ Ньютон (N), бэлиэтэ F. Ньютон биирдигэ 1 килограмм маассалаах эттиги 1 м/с² түргэтэтэр күүс буолар.
Исаак Ньютон эттиктэр хамсааһыннарын быһаарарыгар инерция уонна күүс диэн торумнары туттубута. Бары эттиктэр хараан сокуонун тутуһаллар диэн суруйбута. Ньютон 1687 сылга Айылҕа философиятын математика тосхоллоро (лат. Philosophiæ Naturalis Principia Mathematica) диэн ааттаах битигин таһаарбыта. Бу үлэтигэр Ньютон хамсааһын үс сокуонун ойуулаан суруйбута. Бу сокуоннары физикаҕа күүс өйдөбүлүн быһаарарга күн бүгүҥҥэ дылы туһаналлар.
Ньютон формулата:
Күүһү импульс (хамсааһын ахсаана) кэминэн билиэххэ сөп:
Маасса мэлдьинэн хаалар буоллаҕына маннык суруллар:
m - маасса, a түргэтэтии (акселерация). Бу формуланы Ньютон хамсааһын иккис сокуонугар суруйбута. Статика (хамсаабат) түргэтэтии суох түгэнигэр дьайар күүстэри тэҥнэһик торумнарыттан түмүктээн таһаарыахха сөп.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Күүс, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.