Түүркүйэҕэ уонна Сирияҕа сир хамсааһына 2023 сыл олунньу 6 күнүгэр олохтоох кэминэн 04:17 чааска буолбута, элбэх киһи өлүүлээх.
Олунньу 8 туругунан, 11,200 тахса киһи өлбүт, 52,880 киһи эчэйбит. Сир хамсааһынын эпицентра Түүркүйэ Газиантеп хототуттан 34 км арҕаа, 17.9 км дириҥҥэ баар. Бастакы охсуутун күүһэ 7.8 магнитуда, иккис охсуутун күүһэ 7.5 магнитуда. Бу кэннэ элбэх эбии охсуулар (афтершоктар) буолбуттар. Аныгы кэм биир модун сир хамсааһына буолар. Охсуутун күүһүнэн 1939 сыллааҕы Эрзиндьан сир хамсааһыныгар тэҥнээх. Киһи өлүүтүнэн 1999 сыллааҕы Измит сир хамсааһыныгар чугаһаан эрэр. Аан дойдутааҕы чэбдик тэрилтэтэ билиитинэн, Түүркүйэҕэ уонна Сирияҕа холбоон үлүгэр түөлбэтигэр 23 мөлүйүөн киһи түбэспит, олортон 1,4 мөлүйүөнэ оҕо. Экономика хорумньута эрдэтээҥҥи сыыппарата $15 миллиард кэриҥэ.
Олунньу 8 туругунан, Түүркүйэ 10 улууһугар холбоон 8,574 киһи өлбүт, 49,133 киһи эчэйбит. 11,302 дьиэ сууллубут. Элбэх тыһыынчанан киһи алдьаммыт дьиэлэргэ баттаппыттар уонна хаайтарбыттар. Реджеп Тайип Эрдоҕан этэринэн, Түүркүйэҕэ сир хамсааһына 13 мөлүйүөн киһини таарыйбыт.
Улуус | Өлбүттэр | Эчэйбиттэр |
---|---|---|
Адана | 167 | 3993 |
Адыяман | 896 | 400 |
Батман | 0 | 20 |
Диярбакыр | 120 | 854 |
Газиантеп | 504 | 4809 |
Хатай | 1647 | 6200 |
Кахраманмараш | 1343 | 5000 |
Килис | 22 | 518 |
Малатья | 201 | 4900 |
Османие | 502 | 2173 |
Шанлыурфа | 127 | 2551 |
Элазыҕ | 5 | 379 |
Олунньу 8 туругунан, Сирияҕа 2,751 киһи өлбүт, 3,749 киһи эчэйбит. Сирия ордук эмсэҕэлээбит улуустара Алеппо, Идлиб, Латакия, Хама, Тартус. Бу улуустарга Олохтоох сэрии бара турар буолан быыһыыр үлэ уонна көмө кэлиитэ улаханнык моһуоктаналлар.
80 тахса дойду гуманитар көмө уонна үбүлээһин ыыталлар. Албания, Армения, Азербайдьан, Холбоһуктаах Хоруоллук, Греция, Испания, Грузия, Румыния, Иран, Индия, Исраил, Казахстан, Кыргыстаан, Молдова, Пакистан, Португалия, Арассыыйа, Словения, Швейцария, Узбекистан, Бразилия, Мексика быыһааччылары, быыһыыр массыыналары уонна сэптэри, көрдьөөччү ыттары ыыттылар.
Гуманитар көмө уонна үбүлээһин биэрбит иллэрдээҕи тэрилтэлэр: Түүрк Иллэрин Тэрилтэтэ, Холбоһуктаах Нациялар тустаах салаалара, Кыһыл Кириэс аан дойдутааҕы кэмитиэтэ, Араб Лигата, Өбрүөпэ Сойууһа, НАТО, Норвегия күрэһит сүбэтэ, Дьэбэриэй федерацията, Caritas Internationalis, CARE Australia, World Jewish Relief уо.д.а.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Түүркүйэҕэ уонна Сирияҕа сир хамсааһына (2023), which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.