Сырдык диэн киһи хараҕа көрөн араарар электромагнит сырала.
Көстөр сырдык долгуннарын уһунун далаана 400-700 нанометр, тыбыла 750–420 терагерц, ол эбэтэр инфракыһыл уонна ультрафиолет икки ардыларыгар баар. Физика билимигэр "сырдык" терминынан быдан киэҥник араас долгун уhуннаах көстөр-көстүбэт бары сыраллары ааттыыллар. Холобур - рентген сардаҥалара, гамма сардаҥалар, микродолгуннар, радиодолгуннар. Сырдык сүрүн саҥнара - тэтим, хайысха ыһыыта, спектр тыбыла, поляризация. Сырдык вакуумҥа түргэнэ сөкүүндэҕэ 299 792 458 метр, бу айылҕа биир төрүт бигэтэ буолар. Сырдыгы үөрэтэр физика салаата оптика дэнэр. Сиргэ сырдык сүрүн төрүттэрэ Күн, уот, чаҕылыма.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сырдык, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.