Чаҕылыма (кылгастык Чаҕыл; омуктуу аата Электр был.-гириэк.
Чаҕылыма магнетизмы кытта быһа ситимнээх. Чаҕылыма уонна магнетизм иккиэн электромагнетизм дьайсыытын сорохторо буолаллар. Эбил уонна мэлдьэх чаҕыл иитиктэрэ баар буоллахтарына чаҕыл хонуута үөскүүр. Чаҕыл иитиктэрин хамсааһына чаҕыл сүүрээнэ дэнэр. Бу сүүрээн магнит хонуутун үөскэтэр. Иитик нуула суох чаҕыл хонууга оруннаннаҕына киниэхэ күүс дьайар. Бу күүс кэриҥин Кулон сокуона быһаарар. Иитик чаҕыл хонуунан хамсааһына үлэ дэнэр. Бу үлэ ахсааннааһына чаҕыл уох дэнэр, кини вольтунан кээмэйдэнэр. Чаҕыл сүүрээнэ ханна эрэ тиийэн иҥиннэҕинэ бу сиргэ статик чаҕылыма үөскүүр. Чаҕыл сүүрээнэ барарыгар аһарааччы сэктэр ирдэнэллэр. Алтан курдук металлар чаҕылыманы үчүгэйдик аһараллар. Чаҕылыманы аһардыбат сэктэр диэлектрик дэнэллэр. Чаҕылыма айылҕаҕа биир биллэр көстүүтэ чаҕылҕан буолар. Дьон чаҕылыманы (чаҕыл энергиятын) олох-дьаһах бары эйгэлэригэр киэҥник тутталлар - транспорт, оттуу, сырдатыы, телекоммуникация, электроника. Чаҕыл энергиятын генератор уонна химикаттар ньымаларынан оҥорон таһаараллар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Чаҕылыма, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.