Нуул эбэтэр 0 (ниэм.
Былыргы дьон нуулу билбэттэрэ. Холобур, сайдыылаах былыргы гириэктэр да, былыргы риимлэннэр да нуулу суокка туттубаттара, бэлиэтиир сыыппаралара суоҕа. Сабаҕалааһынн быһыытынан, былыргы Вавилон олохтоохторо нуулга майгынныыр, кини билиҥҥи сорох функциятын толорор бэлиэни биһиги ээрабыт иннинэ 700 сыл ынараа өттүгэр туттар буолбуттар. Маны билэн Клавдий Птолемей диэн астроном нуулу эмиэ чыыһыланы чыыһылаттан араарар бэлиэ курдук туттубута, холобур, 45 чыыһыланы 405 чыыһылаттан араарарга. Билиҥҥи Миэксикэ оннугар баар буола сылдьыбыт Маайа цивилизацията туһанара биллэр. Аан бастаан нуулу чыыһыла быһыытынан 628 сыллаахха Ииндийэ математига Брахмагупта киллэрбитинэн ааҕыллар. Арҕаа дойдуларга нуулу алта үйэ ааспытын кэннэ Хотугу Африкаҕа үөскээбит Леонардо Пизанскай — Фибоначчи «аҕалбыта»: 1202 сыллаахха «Liber Abaci» диэн кинигэтигэр нуулу ойуулаабыта.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Нуул, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.