Ыам ыйа - сааскы ый, 5 ый.
Ыам ыйа — сааскы тиһэх ый. Айылҕа бүтүннүүтэ, көтөрдүүн-сүүрэрдиин, оттуун-мастыын барыта тиллэр, сэргэхсийэр. Үрэхтэр, өрүстэр быйаҥнаах ууларынан сири-дойдуну угуттууллар. Мутукча тыллар, ойуур иһэ минньигэс сытынан туолар. Хал-дьаайыга ньургуһун тахсар. Хонууга, ойуурга, күндү күөмэйдээх чыычаах эгэлгэтэ ырыатын тардар, күн сирин көҥүлүгэр көөчөөн көрүн түһэрэр, сааскы оонньуутун оонньуур.
Ыам ыйа — үөскүүр-төрүүр кэм. Көтөр бары кэриэтэ уйатын оҥостор, сымыыт баттыыр түбүккэ түһэр. Кыыллар оҕолорун бүөбэйдииллэр. Күн-дьыл сайыҥҥылыы итийэр, күөл мууһа сайар, ый бүтүүтүгэр балык ыары күөл кытыытыгар тахсар.
Бу кэмҥэ саха киһитин үлэтин-хамнаһын үгэнэ. Сүөһүлэр мэччирэҥҥэ тахсаллар. Мутукча тыллыытыттан көрөн сааскы ыһыы саҕаланар. Бурдук ыһаллар, ойуур көҕөрдөҕүнэ хортуоппуй олордоллор.
Тыаллаах саас сайынын ардахтаах буолар. Хатыҥ уута элбэхтик сүүрдэҕинэ — ардах-таах сайын.
Саас ооҕуй ситимэ элбэхтик көттөҕүнэ — кураан сайын. Тымныы сайыҥҥа көтөр уйатын саас тиит күннээх өттүгэр, оттон ичигэс сайыҥҥа күлүк өттүгэр туттар.
Уһун курааҥҥа көтөрдөр уйаларын саас уу чугаһыгар тутталлар. Ыам ыйын 6-с күнүгэр тымҥыы буоллаҕына, сүөһү өссө икки нэдиэлэ кыһыҥҥылыы аһыыр.
бииринньик; сымыыт ыйа; сынньалаҥ ыйа; тиргэ ыйа; тугут төрүүр ыйа; хаас кэлэр ыйа.
Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ыам ыйа, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.