Борщ

Борщ — свекла төрүттээх миин арааһа, свекла борщ өҥүн биллэр кыһылыгар уларытар.

Илин славяннар үгэс буолбут астара, Украина кухнятын биллэр бастакы бүлүүдэтэ. Украина аттыгар сытар норуоттарга эмиэ киэҥник тарҕаммыт: ол курдук, майгынныыр мииннэр Польшаҕа (|barszcz «барщец»), Литваҕа (barščiai «барщай»), Румынияҕа (borş «борщ») уонна Молдавияҕа (борш') бааллар.

Борщ
Буһарылла турар борщ

Аатын этимологията уонна историята

Славян тыллар этимологияларын словардарын көрдөххө, ол курдук Макс Фасмер борщ диэн тыл борщевик диэн ааттаах үүнээйиттэн тахсыбыт диэн быһаараллар, ол сэбирдэхтэрэ аска туттуллуллара. Украин тылыгар свекла - буряк диэн буолар, ол иһин борщ диэн тылы кытта улахан сибээһэ суох.

Былыр борщ диэн борщевиктан оҥоһуллубут миини ааттыыллара. Кэлин борщу свекольнай кваһынан оҥорор буолбуттара, уунан убаҕас оҥорон туой оҥоһукка ууран оргуталларар, онно сибиэкилэни, хаппыыстаны, моркуобу уонна да атын оҕуруот аһын уурар буолбуттар. Буһарыллыбыт борщу тууһуллара. (Ковалев, Могильный|1990|с=120)

Борщ араастара

Араас регионҥҥа борщу араастык буһараллар. Ол гынан баран улахан икки группаҕа араарыахха сөп:

  • Итии (кыһыл) — маннык борщ ордук тарҕаммыт, туһа этэн Украинаҕа;
  • Тымныы борщ, саас уонна сайын оҥоһуллааччы.

Кыһыл борщ

Кыһыл борщу хортуоппуйтан (XIX үйэ иккис аҥарыттан)​​, хаппыыстаттан, моркуоптан, луук, петрушка, укроп уонна булгуччулаах сибиэкилэ буолар, оччоҕуна борщ кыһыл буолар. Эттээх бульоҥҥа буһарыллааччылар, ол гынан баран урут бырааһынньыктарга эрэ эттээх сииллэрэ, мээнэ күҥҥэ сыалаах луугу эбэллэрэ

Борщу остуолга биэриэн иннинэ сүөгэйдэнэр. Хара килиэби, пампушкалары уонна чесноктаах соус биэриллээччи

Пост бириэмэтигэр сыаны уонна эти туттуллубат буолар, уонна мас арыытыгар буһарыллар, уонна тэллэйдэри уонна сороҕор балыгы эбээччилэр. . Украинаҕа Ороһуоспаҕа үгэс быһыытынан «ушкалаах» тэллэйдээх борщ буһарыллар. Ушкалар диэн кыракый варениктары ааттыыллар.

Тымныы борщ

Тымныы борщу саас эбэтэр сайын оҥороллор. Төрүтүнэн кефир эбэтэр майгынныыр аһыы үрүҥ ас уонна буһарыллыбыт сибиэкилэ туттуллар. Атын аһын - укробу, луугу, петрушканы, чесногу уонна буһарыллыбыт сымыыты эбэллэр уонна буһарыллыбыт хортуоппуйу килиэп оннугар тутан баран сииллэр.


Борщ 
Борщ 
Борщ 
Борщ 
Сүөгэйдээх борщ, этэ суох борщ, украин борща, космонавтар борщтара
Борщ 
Халыып:Bt-ruslat — борщ тутаах ингредиена


Быһаарыылар

Тас сигэлэр

Tags:

Борщ Аатын этимологията уонна историятаБорщ араастараБорщ БыһаарыыларБорщ Тас сигэлэрБорщ

🔥 Trending searches on Wiki Саха тыла (Saxa Tyla):

Түһүк (тыл)1254КыталыкТыhы түөсаhаҮөһээ Бүлүү улууһун былааҕаТомскай Арсен ГригорьевичХарахалпахстанГраммБароккоЫйRaising Cane's Chicken FingersОмонимияКулун тутар 3Чиили.nzВьетнам сэриитэ1650-сДьокуускайКумалаан (суолталара)Куоратчыт (Алампа)CezaАаҥыл тылаRed Bull GmbHRobloxАпросимов Ефрем ИльичДойдуОт ыйын 122005Суорун ОмоллоонСемен Андреевич Попов (Сэмэн Тумат)БудапештСуорЛебедев Виктор НиколаевичТумууПанаамаКытай ӨрөспүүбүлүкэтэНиколаев Александр ПетровичИранКредит скорСиэри таһынан барымаТөҥүлү (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Саха бала5ана ыраах Исландия5аОт күөх өҥДон Дон быттаЭндемик1438БаттахAndroidТумус Мэхээлэ (Тумусов Михаил Сысоевич)Уоту аһатыыНөмүгү нэһилиэгэ (Хаҥалас улууһа)Бэс ыйын 2Көскө ыытыыИльяхов Петр НиколаевичКүөрэгэйӨҥөБрутто ис оҥоhукАзияДьаралыкAB InBevЭдэр саас (хаһыат)ИнженерияC++Муус устар 27Наассыйалар Холбоһуктара🡆 More