Адыгея Өрөспүүбүлүкэтэ (нууч.
| |||||
Киин куорат | Майкоп | ||||
Иэнэ | 7 600 км² | ||||
Дьонун ахсаана | 444 тыh. (2005) | ||||
Федеральнай уокуруга | Соҕуруу | ||||
Экономическай оройуона | Хоту Хапхаас | ||||
Ил тыла | нуучча, адыг | ||||
Президент | Асланчерий Тхакушинов | ||||
Премьер миниистир | Кумпилов Мурат Каральбиевич | ||||
Сокуон таhаарар былаас баhылыга | Иванов Анатолий Георгиевич | ||||
Кэм зоната | MSK (UTC+3, сайын UTC+4) |
Киинэ — Майкоп.
Краснодар кыраайыныын кирбиилэhэр.
От ыйын 27 1922 тэриллибитэ.
Адыгея Хапхаас хайаларын хоту тэллэхтэригэр сытар, хотутугар хонуулар, соҕуруутугар хайалар. Тыалар сирин 40 % ылаллар.
Адыгея Москва кэм зонатыгар (MSK/MSD) баар. UTC уларыйыыта +0300 MSK)/+0400 MSD).
Республикаҕа улахан күөллэр суохтар. Уу хаайар сирдэр:
Республика ниэбинэн уонна айылҕа гааhынан баай. Атын сир баайдара кыhыл көмүс, үрүҥ көмүс, вольфрам уонна тимир.
Адыыгтар хотугулуу арҕаа Хапхаас төрүт олохтоохторо буолаллар, XIII үйэттэн ыла черкестар диэн биллэллэр.
АСФСР састаабыгар киирэр Адыыг автоном уобалаhа от ыйын 27, 1922 тэриллибитэ.
Олохтоохторун ахсаана — 442,7 тыh. киhи. (2006), куорат олохтоохторо — 52,6 % (2006). Дьон чиҥэ — 56,8 киhи/км² (2006).
Өрөспүүбүлүкэҕэ 80-тан тахса омук олорор. 2002 сыллааҕы Арассыыйа олохтоохторун сурутуутунан, өрөспүүбүлүкэ омуктара:
Омук | 2008 сыллааҕы ахсаана, тыh. (* Архыыптаммыт 2011, Алтынньы 10 күнүгэр.) |
---|---|
Нууччалар | 275,2 (62,4 %) |
Адыыгтар | 114,2 (25,9 %) |
Эрмээннэр | 15,5 (3,5 %) |
Украиннар | 8,9 |
Курдар | 4,0 |
Татаардар | 3,6 |
Түрктэр | 3,6 |
Сыгааннар | 2,0 |
Беларустар | 1,8 |
Гириэктэр | 1,7 |
Азербайдьаннар | 1,5 |
Ниэмэстэр | 1,2 |
Чеченнар | 1,1 |
Олохтоох пуун | Олохтоохторун ахсаана (2008), тыh. |
---|---|
Майкоп | 152,2 |
Яблоновский | 25,8 |
Энем | 18,2 |
Гиагинская | 15,0 |
Адыгейск | 12,3 |
Ханская | 11,1 |
Тульский | 10,3 |
Красногвардейское | 9,0 |
Кошехабль | 7,7 |
Каменномостский | 7,3 |
Дондуковская | 6,5 |
Краснооктябрьский | 5,4 |
Тахтамукай | 5,2 |
Куораттар:
Муниципальнай оройуоннар:
Адыгея сайдыылаах индустриялаах уонна тыа хаhаайыстыбалаах республика. Сайдыылаах индустрия салаалара: ас, тыа, мас таҥастааhына уонна кумааҕы, массыына оҥоруута уонна металл чочуйуута.
Туhалаах сирдэрин бүтүн иэнэ 781,4 тыh. гектар (1998), онтон 244,7 гектары хорутуллар сирдэр ылаллар. Олохтоох тыа хаhаайыстыбатын салаалара үүнээйи үүннэриитэ, чооску, хой, көтөр уонна сылгы иитиитэ.
Республика сиригэр олохтоох авиалиниялар, массыына уонна тимир суол транспорта сайдыылаах. Кубань өрүс аал сырыылаах.
Адыгея икки сүрүн үрдүк үөрэҕирии кииннэрэ Адыгея ил университета уонна Майкоп ил технология университета.
Республика сүрүн сокуона — Адыгея Республикатын конституцията.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Адыгея, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.