Эҕэрдэ сурук
Үлэ киһититтэн ордук чиэстээх,
ытыктабыллаах бу күн анныгар ким баар буолуой?
Үлэ үөрүүтүттэн ордук үрдүк, ыраас үөрүү туох баарый?
(Иван Гоголев-Кындыл)
Убаастабыллаах Галина Николаевна!
Эйиигин үтүөкэннээх үбүлүөйгүнэн, дьоһун – мааны күҥҥүнэн ис сүрэхпититтэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит! сахалыы сайаҕас алгыспытын тиэрдэрбит!
Талан ылбыт идэҕэр бэриниилээхтик, тыа хаьаайыстыбата сайдыытыгар үгүс кылааккын киллэрэн, дьон-сэргэ уйгу-быйан олохтоох буоллуннар диэн күн бүгүнүгэр диэри эрчимнээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаргыттан ис сүрэхпититтэн үөрэбит!
Эн оҕо сааскыттан үлэҕэ эриллэн олоҕу сыаналыырыҥ чаҕылхай холобура буолар. Сахалыы-сайаҕас, чиэһинэй, хайдах да ыарахантан чаҕыйбат, ыктарыылаах да кэмнэргэ ыгылыйбат майгыгын, тулалыыр дьоҥҥор-сэргэҕэр өрүү болҕомтолоох, үтүөкэннээх сыһыаннын сыаналыыбыт.
Эн, үлэҕэр мэлдьитин күүскүн-уоххун, сатабылгын барытын уураргын, үлэҥ-хамнаһыҥ ситиһиилээх буоларыгар мэлдьи туруулаһаргын үчүгэйдик билэбит!
Күндү Галина Николаевна! аймах-билэ дьонноруҥ, үгүс атастарыҥ-доҕотторуҥ махталларынан арыаллатан, бар дьонун истиҥ сыһыаннарынан кынаттанан үтүөнү-кэрэни айа, үлэлии-хамсыы сырыт, үлэҕэр ситиһииҥ үөлээннээххин үөртүн, алгыстаах тылын аймаххын арчылаатын, дьоһуннаах олоҕун ыччаккар салҕаннын!
Толкуйдаабыккын тобула, санаабыккын саргылыы сырыт диэн алгыс бастыҥын аныыбыт! Ыарыы ыалласпатын, дьаҥ-дьаһах халты хаамтын, үтүө ыраҥ туолан, санаабытыҥ ситэн истин диэн айхаллыыбыт уонна оҕолорун-сиэннэриҥ тапталларыгар бигэнэн өссө да уһуннук, дьоллоохтук сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан, үлэлээ-хамсаа, үгүс дьоҥҥун үөрдэ сырыт!
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Эҕэрдэ сурук, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.