Хангыль (кор.
Чосон династиятын төрдүс хоруолун Улуу Сэдьон 1443 сыллаахха айбыта уонна билиҥҥигэ дылы киэҥник туттуллар. Тарҕаммытын кэнниттэн Сэдьон Хоруол Хунминчоҥым Һэрэбон(훈민정음 해례본) диэн Хангыль туһунан үлэтин бэчээттээбитэ, 1997 сыллаахха үлэтэ ЮНЕСКО өйдөбүнньүгүнэн ааҕыллар буолбута.
Хунминчоҥым Һэрэбон кинигэтэ икки тутаах быраабылаларын быһаарар. Бастакы быраабылата сабыы дорҕооннор аһаҕас дорҕооно суох турбаттар, уонна иккис быраабылата Хангыль аһаҕас дорҕоонноро Чонджиоҥҥа тураллар диэн. Чонджион диэн үс элеменнаах философияҕа сыһыаннаах диир - ол курдук халлаан (천), сир(지) уонна киһи (인).
Аһаҕас дорҕооннорунан A, E, O курдук дорҕооннор буолаллар.
Хангыльга уопсайа 21 аһаҕас дорҕоон баар:
Ааҕыллыыта:
ㅏ | ㅓ | ㅣ | ㅑ | ㅕ | ㅗ | ㅜ | ㅡ | ㅛ | ㅠ | ㅐ | ㅒ | ㅔ | ㅖ | ㅘ | ㅙ | ㅚ | ㅝ | ㅞ | ㅟ | ㅢ |
а | о | и | йа | йо | о | у | ы | йо | йу | э | йэ | э | йэ | оа | оэ | ои | уо | уэ | уи | ыи |
Икки кыра линиялаах буукубалар "й" дорҕоонноох ааҕыллаллар.
Сабыылаах дорҕооннорунан Б, Г, Л, М курдук дорҕооннору аатыыллар.
Алпабыыкка 14 судургу сабыылаах дорҕоон баар:: ㄱㄴㄷㄹㅁㅂㅅㅇㅈㅊㅋㅌㅍㅎ
Бэйэлэрин аттыларыгар суруллуохтарын сөп. Ол курдук:
ㄱ | ㄴ | ㄷ | ㄹ | ㅁ | ㅂ | ㅅ | ㅇ | ㅈ | ㅊ | ㅋ | ㅌ | ㅍ | ㅎ | |
г | н | д | р/л | м | б | с | ng* | дь | ч | к | т | п | h |
*Болҕойуу: ㅇ диэн сүһүөх иннигэр турар буоллаҕына ааҕыллыбат.
Сабыылаах уонна аһаҕас дорҕооннор сүһүөх буолаллар. Биир сүһүөххэ биир аһаҕас дорҕоон уонна хас да сабыылаах дорҕоон баар буолуон сөп, ол курдук "хан" уонна "гыль"
Оннук суруллубут дорҕоон блога маннык курдук буолар: 서울 한글 평양
Со-уль (Сеул) 서울 | Хангыль 한글 | Пхйоҥяҥ (Пхеньян) 평양 | ||||||||||||||||||
ㅅ | ㅓ | ㅇ | ㅜ | ㄹ | ㅎ | ㅏ | ㄴ | ㄱ | ㅡ | ㄹ | ㅍ | ㅕ | ㅇ | ㅇ | ㅑ | ㅇ | ||||
с | о | - | у | ль | h | a | н | г | ы | ль | п | йо | ҥ | йа | ҥ |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Хангыль, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.