Пастер Луи (1822 сыл ахсынньы 27 — 1895 сыл балаҕан ыйын 28) — Франция микробиолога уонна химига.
Луи Пастер кэргэнинээн Мариялыын бактериялар элбэх ыарыы төрүөтэ буолалларын дакаастаабыттара уонна араас ыарыылартан быһыыны айбыттара, ордук биллибит быһыылара - иириини утары быһыы. Химияҕэ эмиэ элбэх арыйыылардаахтар, ордук биллэр арыйыылара - кристаллар ассиметрияларын туһунан. Ону тэҥэ Пастер үүтү уһуннук харайар ньыманы арыйбыта. Ол ньыма аата билигин пастеризация диэн ааттанар.
Пастер Луи | |
---|---|
Мэтириэтэ | |
Төрөөбүтэ | Пастер Луи 27 Ахсынньы 1822 Дол, Франция |
Өлбүтэ | 28 Балаҕан ыйын 1895 (сааhыгар 72) Марне-ла-Кокет, Франция |
Олорбут сирэ | Франция |
Nationality | француз |
Эйгэлэрэ | химия, биология |
Үөрэммит сирэ | Страсбург университета |
Үлэлэрэ | Вакциналары айбытын иһин |
Кэнники үлэлэрэ — куурусса холератын чинчийии. Ол үлэтин бириэмэтигэр Пастер бактерия культурата буорту буолбутун билбит уонна кууруссалары номнуо сатаан сыһыарбат буолбут.
Луи Пастер 1822 сыл ахсынньы 27 күнүгэр Дол куоракка Жура региоҥҥа дьадаҥы тирииһит дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Арбуа куоракка улааппыт.Үөрэҕи биир үчүгэй оскуолаҕа — Эколь Нормаль Сюперир ылбыта, кыратык Дижон лицейыгар физика профессорынан үлэлээн баран Страсбург университетыгар химия профессора буолбута, онно сылдьан кэргэнин Мари Лораны кытта 1849 сыллаахха көрсүбүт.
Луи уонна Мария 1849 сыл ыам ыйын 29 күнүгэр кэргэннии буолбуттар. Биэс оҕоломмуттарыттан үһэ тиибинэн ыалдьан өлбүттэр. Бу бэйэтин тус олоҕор буолбут алдьархайтан сылтаан Пастер ыарыыны утары охсуһар эми буларга үлэлээбит.
Пастериза́ция — убаҕаһы 60 °C кыраадыска дылы 60 мүнүүтэ сылытар процесс буолар. . XIX үйэ ортотугар Луи Пастер аһы уһуннук харайарга санаа киллэрбитэ. Ол процесс устатыгар микроорганизм төрөөбүт формалара өлөллөр, ол гынан баран баар споралар хаалаллар, ол иһин үчүгэй усулуобуйа баар буоллаҕына эмиэ сайдан бараллар. Ол иһин пастеризованнай үүтү уонна пиибэни тымныы сиргэ туталлар. Пастеризация түмүгэр ас сыаннаһа улаханнык уларыйбат, амтана уонна битэмииннэрэ, ферменнара чөл хаалаллар. .
Луи Пастер сүрэҕэ тохтооон Марне-ла-Кокет сиргэ 1895 сыллаахха өлбүт.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Пастер Луи, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.