Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 7 — Парижка Charlie Hebdo сурунаал эрэдээксийэтигэр теракт буолбут, 12 киһи өлбүт, 11 бааһырбыт.
Олунньу
- Олунньу 27 — уруккута Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлэ Борис Немцову Москубаҕа уулуссаҕа ытан өлөрбүттэр.
Кулун тутар
Алтынньы
- Алтынньы 29 — Кытай 35 сыл тухары ыытыллыбыт "соҕотох оҕо бэлиитикэтин" түмүктүүрүн туһунан биллэрбит.
Сэтинньи
Ахсынньы
- Ахсынньы 6 — Венесуэлаҕа түмэн быыбарыгар оппозиция кыайбыт, XXI үйэҕэ маннык бастакы түбэлтэ.
- Ахсынньы 12 — Климат сылыйыытын хааччахтыыр сыаллаах Киото протоколун оннугар Парижтааҕы сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Сөбүлэҥ сүрүн өрүтэ - 2100 сылга диэри аан дойду климатын сылыйыытын 2°С иһигэр тутуу, ол туһугар CO2 эмиссиятын аччатыы. Парижтааҕы сөбүлэҥҥэ дойду барыта кэриэтэ кыттыспыта.
- Ахсынньы 22
- СӨ бырабыыталыстыбата Сахалыы таба суруйуу саҥа быраабылатын бигэргэппит.
- SpaceX чааһынай космос хампаанньата Falcon 9 ракета бастакы ступенын аан бастаан сиргэ төттөрү туруору түһэрбит.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- Кулун тутар 14 — Валенти́н Распу́тин (15.03.1937 төр.) — Ангара кытылыгар төрөөбүт, улааппыт нуучча суруйааччыта, публицист, түмэт диэйэтэлэ. «Дэриэбинэ прозатын» бэрэстэбиитэлэ, айымньыларыгар Сибиир көннөрү олохтоохторун олохторун, кыһалҕаларын арыйбыта.
- Олунньу 27 — Борис Немцов (1959 төр.), Арассыыйа бэлиитигэ уонна судаарыстыба диэйэтэлэ.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article 2015 сыл, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.