Башкиир тыла (башҡорт теле (info) ), башкиирдар тыллара, түүр тылларын кыпчаак бөлөҕөр киирэр.
Сүрүн түөлбэ тыллара — хотугулуу-арҕаа, соҕуруу (юрматин) уонна илин (кувакан). Башкортостаан, Челябинскай, Оренбург, Свердловскай, Кургаан, Самаара, Саратов уобаластарыгар, Ханты-Манси автономиялаах уокуругар, Пермскай кыраайга, Татарстаан уонна Удмуртия өрөспүүбүлүкэлэригэр тарҕаммыт. Бу тылы билээччилэр Казахстааҥҥа уонна Узбекистааҥҥа олороллор.
Башкиир тыла Башҡорт теле (башҡортса) | ||
---|---|---|
Кэпсэтэллэр : | Россия, Украина, Казахстан | |
Регион: | Башкортостан, Челябинскай уобалас, Оренбург уобалаһа, Тюменскай уобалас, Свердловскай уобалас, Курган уобалаһа, Самара уобалаһа, Саратов уобалаһа, Пермь кыраайа, Татарстан, Удмуртия атыттар | |
Бары кэпсэтээччилэр: | 1,4 - 2 млн. | |
Тыл ууhа: | Алтай (мөккүөрдээх) Түүр Кыпчак Башкиир тыла | |
Суруга: | Кирилл алпабыыта (Bashkir alphabet) урут араб уонна латинскай суруктар бааллара | |
Ил суолталаах | ||
Ил статустаах: | Башкортостан | |
Салайыллар: | Institute of history, language and literature of the Ufa Federal research center the RAS | |
Тыл кодтара | ||
ISO 639-1: | ba | |
ISO 639-2: | bak | |
ISO 639-3: | bak | |
Note: This page may contain IPA phonetic symbols in Unicode. |
Ахсынньы 14 күнүгэр Башкортостааҥҥа башкиир тылын күнүн бэлиэтиллэр. 2019 сыллаахха олохтоммута. Суруйааччы уонна сырдатааччы, башкиирдар XIX үйэтээҕи саамай бөдөҥ бэйиэттэрин Акмулла (сурукка киирбит аата — Мифтахетдин Камалетдинович Камалетдинов) төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Акмулла оччотооҕу Арассыыйа импиэрийэтин Оренбург күбүөрүнэтигэр 1831 сыллаахха ахсынньы 27 (урукку ааҕыынан 14) күнүгэр төрөөбүтэ, 1895 сыл алтынньы 8 (21) күнүгэр өлбүтэ.
Бу аан дойду тылларыттан биирдэстэригэр туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Башкиир тыла, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.