А́том (был.-гириэк.
Атом үөскэхтэн уонна кинини тулалыыр электрон былыттан турар. Атом үөскэҕэ протонтан уонна нейтронтан турар. Үөскэххэ биир эбэтэр бииртэн элбэх протон, хас да ахсааннаах нейтрон баар буолар. Уулук эрэ нейтроннара суох буолар. Кытаанах, убаҕас, гаас, плазма туруктаах бары сэктэр нейтрал эбэтэр ионнаммыт атомнардаахтар. Атом кээмэйэ 100 пикометр кэриэтэ буолар. Атом маассатыттан үөскэҕэ 99.94% тахса буолар. Протоннар эбил чаҕыл иитиктээхтэр, электроннар мэлдьэх чаҕыл иитиктээхтэр, нейтроннар чаҕыл иитигэ суохтар. Протон уонна электрон ахсаана тэҥ буоллаҕына атом чаҕылынан нейтрал буолар. Атом электрона протонтан аҕыйах буоллаҕына кини эбил эбэтэр мэлдьэх иитиктээх буолар, маннык атомнар ион дэнэллэр. Атом электроннара үөскэххэ баар протоннарга электромагнетизм күүһүнэн тардыллаллар. Үөскэххэ баар протоннар уонна нейтроннар бэйэ бэйэлэригэр үөскэх күүһүнэн тардыллаллар. Үөскэх күүһэ үксүгэр электромагнетизм күүһүнээҕэр улахан буолар. Электромагнетизм күүһэ эбил иитиктээх протоннары бэйэ бэйэлэриттэн тэйтэрэр. Ардыгар бу тэйтэрэр күүс үөскэх күүһүнээҕэр улаатыан сөп. Маннык түгэҥҥэ үөскэх үллэстэн араас ууһуктары (элеменнары) ордорор. Бу үөскэх хайдыытын биир кэлимэ буолар. Үөскэх хас протоннааҕа атом нүөмэрэ дэнэр, кини атом ханнык химия элемена буоларын быһаарар. Холобур, 29 протоннаах атом алтан буолар. Нейтрон ахсаана ууһук изотопун быһаарар. Холобур, 34 нейтроннаах алтан атома "алтан-63" (29+34), онтон 36 нейтроннаах "алтан-65" диэн ааттаналлар. Атомнар бэйэ бэйэлэригэр химия ситиминэн сыстыһаннар химия холбоһуга буолуохтарын сөп. Химия холбоһуктарын холобурдара молекула уонна кристалл. Айылҕаҕа баар үгүс физика уларыйыылара атомнар сыстар-хоҥнор майгыларыттан тутулуктаахтар. Бу уларыйыылары химия билимэ чинчийэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Атом, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.