Саахар эбэтэр саакыр - минньигэс амтаннаах химия субстанцияларыгар тарҕаныллыбыт аат.
Ордук тарҕаныллыбыт саахар арааһа - сахароза, лактоза ол эбэтэр фруктоза. Саахар араас аска баар буолар, уонна араас аска минньгиэс буоларыгар угуллар. Cаахар тростнига эбэтэр саахар сүбүөкүлэ курдук саахардаах үүнэйилэртэн сүмэһиннэнэр.
Учуонайдар саахары углевод диэн аатыыллар, тоҕо диэн саахар чох уонна уу молекуларыттан тутулуктаах. Углеводтар судургу эбэтэр уустук буолаллар. Судургу углевод молекулата биир эбэтэр аҕыйах кыра саахар молекуларыттан тутулуктаах. Уустук углевод элбэх араас саахар молекуларыттан тутуллар.
Крахмал - диэн уустук углевод буолар. Килиэпкэ, бэчиэнньэҕэ, хортуоппуйга баар, элбэх глюкозаттан тутулуктаах. Киһи крахмаллаах аһы сиэтэҕинэ, искэ кыракый саахардарга бытарыллар.
Бразилия дойдута сир үрдүгэр ордук элбэх саахары оҥорор.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Саахар, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.