Элбэх итэҕэллэргэ уонна философияларга, кут диэн киhи баар буолуутун өй-санаа эбэтэр имматериальнай (материальнай буолбатах) өттө, үксүн өлбөт дэнэр.
Теология быhаарыытынан, кут киhи өлүүтүн кэнниттэн салҕыы олорор, онтон сорох итэҕэллэр Таҥара куту айар дииллэр. Анимизм итэҕэйиитинэн тыына суох маллар эмиэ куттаахтар.
Кут диэн киhиэхэ баар буолан баран,киhиттэн тутулуктаммат эттигэ суох төрүт.
Киhи үс куттаах: буор кут, ийэ кут уонна салгын кут. Киhи кинилэр үhүөн бииргэ баар буоллахтарына эрэ чөл тыыннаах бу Орто дойдуга сылдьар. Кулаковскай суруйбутунан: "По понятиям многих якутов, кут состоит из трех элементов: ийэ кут, буор кут и салгын кут. При зачатии ребенка ийэ кут внедряется божествами (через Айыысыт или Иэйэхсит) в женщину-мать ("ийэ кутун инэрэн биэрбит")". Өксөкүлээх дьэ итинник этэр. Онон, Айыыhыт дьахтарга ийэ куту инэрэр эбит. Онтон үөскүүр төрүөх ийэтиттэн тугу эмэ бэриhиннэрэрэ эмиэ чахчы. Ол буор кут буолуон сөп. Аны эрдэтээҕи суруйууларга уонна түөлбэлэргэ ордон хаалбыт тобох өйдөбүллэргэ олоҕуран, кут-сүр өйдөбүлү оннун-тойун буллара сатаан көрүөҕүн.(Сорох тугэҥҥэ өйдөбүл хантан ылыллыбыта ыйыллыаҕа.)
Үөhээ суруллубуттан көстөрүнэн: Ийэ кут хамсатааччы, дьулуур диэн өйдөнөр. Салгын кут өй-санаа буолар.
Айыыhыт төрүөхтээх оҕо ийэ кутун эр киhи буор кутугар холбуур. Онон, буор кут орун, удьуордааhын өйдөбүллэри кытта сөп түбэhэр.
Сүр диэн тугуй? Бу майгы-сигили. Сур киhиэхэ төрүөҕүттэн бэриллибэт. Тулалыыр эйгэ уонна өстөр киhи сүрүн иитиэхтииллэр. Киhи сүрэ кини хайдах сүрүннээх киhи буолуутугар сабыдыаллаах. Бу кут-сур туhунан сахаҕа баар хас да өйдөбүллэртэн биирдэстэрэ сурулунна. Куттар салгыы олохторун туhунан Л.Афанасьев-Тэрис маннык тойоннуур: Салгын кут тахсан бардаҕына киhи бу баары билбэт-көрбөт буолар. (Утуйар, өйүн сутэрэр). Салгын кут уратыта диэн ийэ кут киhиттэн тахсан барыар диэри киирэ-тахса сылдьарыгар буолар. Онтон ийэ кут тахсан барда5ына киhи тутатына өлбүтүнэн барар. Ол аата, өлүү диэн киhиттэн ийэ кута тахсан барыыта ааттанар эбит. Ийэ кут таҕыстаҕына салгын кут эмиэ букатыннаахтык тахсан барар. Өлөөччүгэ буор кут эрэ хаалар. Бу да кут сотору ыhыллар, буору кытта буор буолар.
Серошевскайга маннык этии баар: "Душа его жила раньше в надзвездном мире, придя на средний мир, будет вспоминатъ свое прежнее житье и вечно тосковать".(651 стр.) Серошевскай ити саха киhитин душатын( саха өйдөбүлүнэн - ийэ кут) туhунан этэр. Өскөтө, сахаҕа оннук өйдөбүл баар эбит буоллаҕына, дьэ, ол Орто дойду эрэй энээрдээх олоҕор олоро сатаан баран өлбүт киhиттэн тахсан Үөhээ дойду Үhүс халлааныгар барар ийэ кут "иккистээн эргилиннэхпинэ иэччэҕим хайыннын" диэн баран барара буолуохтаах. Оччотугар ийэ кут иккиhин Орто дойдуга төннүбэтэ чахчы. Онон, биhиги ийэ куппут Үhүс халлааҥҥа өрүү дьоллоох олоххо олоруо диэн санаабытын бөҕөргөтүнэргэ эрэ тиийэбит. (Үөhээ дойду үhүс халлаанын сорох омуктар рай диэн аатынан билэллэр.)
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Кут, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.