Бикипиэдьийэ хас биирдии кыттааччытыгар икки анал сирэй оҥоһуллар — кыттааччы тус сирэйэ уонна кыттааччы ырытар тус сирэйэ.
Бу сирэй Бикипиэдьийэ сиэрин-туомун сорҕото. Манна этиллибити бары кыттааччылар толоруохтаахтар. Сирэй уларытыллар буоллаҕына консенсус ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Тугу эмэ саарбахтыыр буоллаххына ырытыы сирэйигэр суруй. |
Бэлиэтэммит кыттааччы тус сирэйэ манна баар «Кыттааччы:Аат», ырытыы сирэйэ — «Кыттааччы ырытыыта:Аат». Бу икки сирэй уонна кинилэр анныларынан оҥоһуллар сирэйдэр «кыттааччы эйгэтэ» буолаллар, кинилэр көмө оруоллаахтар, атын кыттааччылары кытта бииргэ үлэлииргэ туһанылаллар.
Кыттааччылар сирэйдэрэ Бикипиэдьийэ ыстатыйалара буолбатахтар. Атын аат далыгар киирэллэр.
Ханнык баҕарар кыттааччы бэйэтигэр тус сирэйин иһинэн сирэйдэри оҥостор кыахтаах. Ол маннык көрүҥнээх буолар Кыттааччы:Аат/туох эмит. Холобур маннык сигэнэн бардахха Кыттааччы:ЭнСирэйиҥ/Барыл, тус сирэйиҥ иһинэн /Барыл диэн сирэйи оҥостуоххун сөп.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бикипиэдьийэ:Кыттааччы тус сирэйэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.