Кулачиков Серафим Романович — Эллэй (29.11.1904, Амма нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа — 14.12.1976) — саха норуодунай бэйиэтэ (бу аат киниэхэ бастакынан 1964 с.
иҥэриллибитэ).
1904 сыллаахха сэтинньи 29 күнүгэр Таатта улууһун Амма нэһилиэгэр төрөөбүт.
1920—1921 сс. — буолас уонна нэһилиэк ревкомнарын секретарынан үлэлээбит.
1924 с. — Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрэн баран, онно учууталлаабыт.
1928 с. Москубатааҕы журналистика институтун бүтэрбит. «Хотугу ыччат», «Автономная Якутия», «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттар, «Чолбон», «Кыһыл ыллык», «Хотугу сулус» сурунааллар эрэдээксийэлэригэр, Саха Сирин суруйааччыларын бырабылыанньатыгар үлэлээбит.
1936—1939 сс. — Тыл, литература уонна история Институтун фольклорга салаатын сэбиэдиссэкэ.
1939—1942 сс; 1946—1948 cc. — Саха Сирин суруйааччыларын Салалтатын бэрэссэдээтэлэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыттыбыт.
ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1938). ССРС уонна РСФСР суруйааччыларын съеһин делегаттарынан, ССКП обкомун чилиэнинэн талылла сылдьыбыт.
1976 с. ахсынньы 14 күнүгэр ыалдьан өлбүт. Дьокуускайга көмүллүбүт.
Айар үлэтин 1924 с. нуучча өрөбүлүссүйүөннэй ырыаларын тылбаастыыртан саҕалаабыт.
Ырыа тылларын суруйар поэт. Xohooннopy сэргэ поэма суруйбут. Олортон Гражданскай сэрии тиэмэтигэр арыйар «Буурҕа, буулдьа дьылыгар» поэмата ордук чорбойор.
Биир кэмҥэ саха фольклорун утаран[төрүтэ ыйыллыбатах 3531 күн] улаханнык туруна сырыттар даҕаны , ол сыыһатын өйдөөн, «Чурум-Чурумчуку» курдук уһулуччу табыллыбыт остуоруйа-поэманы суруйбут.
Айымньылара нууччалыы, сэбиэскэй норуоттар тылларынан элбэхтик бэчээттэммиттэр, сорох айымньылара немецтии, французтуу, гректии, китайдыы, арабтыы тылбаастаммыттар. Эллэй саха поэзиятын Союз, аан дойду таһымыгар таһаарсыбыт.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Эллэй (суруйааччы), which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.