Алтан Ордуу

Алтан Ордуу (Дьүчи улууһа да дииллэр; түүр.

Алтан Ордуу
Алтан Ордуу былааҕа

Алтан Ордуу 1224–1266 сылларга Моҕол империятын сороҕото этэ.

1266 сыллаахха Мэнгу-Тимур кэмигэр Алтан Ордуу Моҕол империятыттан тутулуга суох буолбут.

1320-с сыллар саҕаланыыларыгар Узбек хаан исламы Алтан Ордуу дойду итэҕэлэ оҥорор.

Алтан Ордуу
Алтан Ордуу сирэ

XV үйэ ортотугар Алтан Ордуу хаста да тутулуга суох дойдуларга ыһыллыбыта. Ордуу киин чааһа Улуу Ордуу буолан XVI үйэ саҕаланыытыгар диэри тиийбитэ.

Аата уонна сирэ

Алтан Ордуу диэн аат аан маҥнай 1556 сыллаахха Казан историята диэн айымньыга туттуллубута. Ол иннинэ нуучча суруктарыгар Алтан Ордуу Орда эрэ диэн ааттыыллара. XIX үйэттэ ылата историяҕа Алтан Ордуу (нууч.: Золотая Орда) диэн аат киэҥник туттулар буолбута.

Алтан Ордуу бэйэтин суруктарыгар уонна илиҥҥи (сүрүннээн арааб-перс) источниктарга бу дойду биир кэлим аата суох. Сүрүннээн улуус диэн тыл туттуллара, сороҕор Улуг улуус (Улуу улуус), улуус Бэркэ (Бэркэ улууһа) дииллэрэ. Ону тэҥэ арааб-перс тыллаах источниктара Дэшт-и-Кипчак (Кыпчак дэхси сирэ) диэн аат киэҥник тарҕаммыта. Арааб-перс тыллаахтар ордуу диэн тылынан хаан олорор сирин ааттыыр этилэр (XV үйэттэн биирдэ дойду диэн суолталанар). Ибн Баттута диэн перс тыллаах айанньыт Узбек хаан олорор сирин ойуулууругар алтан ордуу (перстии اردوی زرین urdu-ye zarrin) диэн этиини туттубута.

Нуучча тылыгар ордуу тыл сэрии (войско) диэн суолтаах этэ. Ол эрээри XIII–XIV ыккардаларыгар бу тыл дойду диэн суолталанар, ол иннинэ Алтан Ордууну Татары эрэ дииллэрэ.

Алтан Ордуу кыраныыссаларын XIV үйэҕэ олорбут арааб тыллаах Ал-Омари диэн историк быһаарбыта:

Бу дойду кыраныыссалара Джейхун өттүттэн — Хорэзм, Саганак, Сайрам, Йаркэнд, Дьэнд, Сарай, Мадьар куорат, Азака-Кака, Акча-Кэрмэн, Кафа, Судак, Саксин, Укэк, Булҕар, Сибиир сирэ, Ибирь, Башкырд уонна Чулыман…

История

Алтан Ордуу 
Бату-хаан, орто үйэтээҕи Кытай уруһуйа

Алтан Ордуу үөскээһинэ

1224 сыллаахха Чыҥыс Хаан тэрийбит Моҕол империята хас да улуустарга арахсыбыта, ол арахсыыга Дьүчи Улууһа (Алтан Ордуу) үөскээбитэ. Дьүчи уола Бату салайбыт Арҕааҥы сэрии (1236–1242 сыллар) кэнниттэн улуус арҕаа диэки тарҕаммыта уонна Волга өрүһүнэн кииннэммитэ. 1251 сыллаахха Каракорумҥа курултай буолбута. Ол курултайга улуу хаан Тулуй уола Мөҥкэ (нууч.: Мунке) буолбута. Бату аҕа таһымнаах буолан Мөҥкэни өйөөбүтэ, ол оннугар кини улууһун таһыма үрдүүрүн ирдээбит буолуохтаах.

Моҕол империятыттан арахсыы

Бату өлбүтүн Алтан Ордуу саҥа хаана Сартак буолбута. Кини ол кэмҥэ Мөҥкэ-хааҥҥа Моҕол сиригэр сылдьыбыт. Сартак дойдутугар төннөн иһэн өлөн хаалбыт. Саҥа хаан Бату атын уола аҕыйах саастаах Улагчи буобута, ол эрээри кини эмиэ сотору буолан баран өлөн хаалбыт.

Улуус саҥа хаана Бату быраата Бэркэ (1257–1266) буолбут. Бэркэ өссө эдэр сылдьан ислам итэҕэлин ылыммыт этэ, ол эрээри атын үрдүк таһымнаах улуус тойотторо ислам итэҕэлин ылымматахтар. Ол да буоллар Бэркэ Булҕар сирин уонна Орто Азия баай ыалларын өйөбүллэрин ситиспитэ уонна үөрэхтээх мусульманнары бэйэтигэр тардыбыта. Бэркэ кэмигэр куораттар улаатан саҕалаабыттар, мэчиэттэр, минареттэр, мэдрэсэлэр, караван-сарайдар тутуллубуттар.

Алтан Ордуу 
XIII бүтүүтүгэр тутуллубут Булҕар куорат мэчиэтин минаретэ

Бэркэ ыҥырыытынан Алтан Ордууга Ираантан уонна Египеттэн үөрэхтээхтэр, суруйааччылар, Хорезмтан урбаанньыттар, уустар кэлбиттэрэ. Алтан Ордуу атын дойдулары кытта атыы-эргиэн ситимэ күүһүрбүтэ.

Бату хаан сиэнин Мэнгу-Тимур кэмигэр (1266–1282 сыллар) Алтан Ордуу Моҕол империятыттан тутулуга суох буолбута.

Алтан Ордуу 
Мэнгу-Тимур бэлиэтэ

Алтан Ордуу муҥутуур кэмэ

Узбек хаан (1313–1341) уонна кини уолун Дьанибэк (1342–1357) кэмэ Алтан Ордуу муҥутуур күүһүн уонна сайдыытын кэмэ буолар. 1320-с сыллах саҕаланыыларыгар Узбек хаан ислам дойду итэҕэлэ буоларын биллэрбитэ. Исламы ылыныан баҕарбакка өрө турбут тойоттору өлөрбүттэр. Узбек хаан ыйааҕынан саҥа киин куорат Сарай ал-Дьадид тутуллубута. Ордуу Арҕааҥы Европа, Арҕааҥы Азия дойдуларын, Египети, Индияны уонна Кытайы кытта атыы-эргиэн ситимнээх этэ.

Алтан Ордуу ыһыллыыта

XIV үйэ 60-с сылларыгар Алтан Ордууга улахан уларыйыылар саҕаламмыттара. 1361 сыллаахха Алтан Ордууттан Орда-Эдьэн Улууһа арахсыбыта. Ол да буоллар 1390-с сылларга диэри Алтан Ордуу сомоҕо дойду этэ. Тамерлан сэриитин уонна ол кэннэ буолбут кризис түмүгэр Алтан Ордуу ыһыллыбыта.

1420-с сыллар саҕаланыыларыгар Сибиир ханствота, 1428 сыллаахха Узбек ханствота, онтон Казан (1438), Кырыым (1441), Ноҕай Ордуута (1440-с сыллар) уонна Казах ханствота (1465) үөскээбиттэрэ. Кичи-Муһаммад хаан өлбүтүн кытта Алтан Ордуу суох буолбута.

Хааннар

Алтан Ордуу Моҕол империятын сороҕото эрдэҕинэ:

  1. Дьүчи, Чыҥыс Хаан уола (1224—1227)
  2. Бату (1208—1255), Дьүчи уола (1227—ок. 1255)
  3. Сартак, Бату уола (1255/1256)
  4. Улагчи, Бату (эбэтэр Сартака) уола (1256—1257)
  5. Бэркэ, Дьүчи уола (1257—1266)
  6. Мэнгу-Тимур, Тукан уола, Бату сиэнэ (1266—1269)

Хааннар

  1. Менгу-Тимур (1269—1282)
  2. Туда Менгу (1282—1287)
  3. Тула Буга (1287—1291)
  4. Тохта (1291—1312)
  5. Узбек-хан (1313—1341)
  6. Тинибек (1341—1342)
  7. Дьанибэк (1342—1357)
  8. Бэрдибэк (1357—1359)
  9. Кульпа (1359 атырдьах ыйа—1360 тохсунньута)
  10. Науруз-хан (1360 тохсунньута—бэс ыйа)
  11. Хизр-хан (1360 бэс ыйа—1361 атырдьах ыйа)
  12. Тимур-Ходжа-хан (1361 атырдьах ыйа—балаҕан ыйа)
  13. Ордумелик (1361 балаҕан ыйа—алтынньыта)
  14. Кильдибек (1361 алтынньыта—1362 балаҕан ыйа)
  15. Мурад хан (1362 балаҕан ыйа—1364 күһүнэ)
  16. Мир Пулад (1364 күһүнэ—1365 балаҕан ыйа)
  17. Азиз шейх (1365 балаҕан ыйа—1367)
  18. Абдуллах-хан (1367—1368)
  19. Хасан-хан (1368—1369)
  20. Абдуллах-хан (1369—1370)
  21. Мухаммед Булак-хан (1370—1372)
  22. Урус-хан (1372—1374)
  23. Черкес-хан (1374—начало 1375)
  24. Мухаммед Булак-хан (начало 1375—июнь 1375)
  25. Урус-хан (июнь—июль 1375)
  26. Мухаммед Булак-хан (июль 1375—конец 1375)
  27. Каганбек (Айбек-хан) (конец 1375—1377)
  28. Арабшах (Кары-хан) (1377—1380)
  29. Тохтамыш (1380—1395)
  30. Тимур Кутлуг (1395—1399)
  31. Шадибек (1399—1407)
  32. Пулад-хан (1407—1411)
  33. Тимур-хан (1411—1412)
  34. Джалал ад-Дин-хан (1412—1413)
  35. Керимберды (1413—1414)
  36. Кепек (1414)
  37. Чокре (1414—1416)
  38. Джаббар-Берди (1416—1417)
  39. Дервиш-хан (1417—1419)
  40. Кадыр-Берди (1419)
  41. Хаджи-Мухаммад (1419)
  42. Улу Мухаммед (1419—1423)
  43. Барак-хан (1423—1426)
  44. Улу Мухаммед (1426—1427)
  45. Барак-хан (1427—1428)
  46. Улу Мухаммед (1428)
  47. Кичи-Мухаммед (1428)
  48. Улу Мухаммед (1428—1432)
  49. Кичи-Мухаммед (1432—1459)

Быһаарыылар

Кинигэлэр

Өссө маны көр

Tags:

Алтан Ордуу Аата уонна сирэАлтан Ордуу ИсторияАлтан Ордуу ХааннарАлтан Ордуу БыһаарыыларАлтан Ордуу КинигэлэрАлтан Ордуу Өссө маны көрАлтан ОрдууТүүр тыллара

🔥 Trending searches on Wiki Саха тыла (Saxa Tyla):

Микки-Маус1945ИиндийэБитииФлорида.auЭҕэрдэ сурукJavaScript2020-сЭмииИван Прокопьевич Белолюбский1939 сылМайгыСыһыатБыраансыйаБарахов Исидор НикифоровичТыл суолтатаАалСугун2014ДьордьияЧэбдикКак помочь разделуДаҕааһын аатМуус устар 11Америка Холбоһуктаах ШтааттараБуутбалУгаров Гавриил СпиридоновичКыдьымах1928Михайлов Николай ЕвтроньевичТогоНиколай ЯкутскайАввакумов Петр ДенисовичБаттахМуус устар 24Муаммар КаддафиЭтии ойоҕос чилиэнэДьокуускайАҥырХолбоһуктаах Нациялар ТэрилтэлэрэМоскваКүлүмнүүр (Никифоров Василий Васильевич)ХаландаарАустралияларАйыыһытISO 3166-1Саҥа чааһаХаныыласпыт тылГаврилов Кузьма ОсиповичЭргэрбит тылларСатурнZetflix53Алтынньы 24Австрия1Түүлгэ баттатыыПарижБикипиэдьийэ тыл испииһэгэ2015 сыл1991Павлов Афанасий АфанасьевичАтырдьах ыйын 20АлампаСахалыы өс хоһооноТүүлгэ кыыллар көстүүлэрэТыл үөрэҕэОперациялыыр системаУус-Алдан улууһаҮгэс1929 сылХарыйа (ель сибирская)🡆 More