Орто Азия (былыргы аата Түркистан) диэн Азия региона.
Арҕааттан илин — Каспий байҕалтан арҕаа Кытайга дылы, хотуттан соҕуруу — соҕуруу Россияттан хоту Пакистаҥҥа дылы сытар. Былыр Орто Азияҕа көс омуктар олороллоро уонна Солко суола ааhара. Бу регион Эуропа, Арҕаа, Соҕуруу уонна Илин Азия икки ардыларыгар сытар буолан араас омуктар уонна культуралар дьайыылара былыр былыргыттан баара.
Билигин Орто Азияҕа биэс дойду баар: Казахстан, Кыргызстан, Узбекистан, Түркменистан уонна Тадьикистан. Сороҕор манна Афганистаны, Монголияны уонна Кытай арҕаа провинцияларын (Ис Монголия, Синдьээҥ уонна Тибет) киллэрэллэр.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Орто Азия, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.