Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 26 — АХШ Вашингтонугар буолбут аатырбыт теоретическай физика конференциятыгар Нильс Бор уран үллэһиллиитин арыйыы туһунан биллэрбит. Физиктэр мунньах бүтүүтүн кэтэспэккэ утуу-субуу арыйыыны хатылыы лабораторияларыгар сүүрбүттэр.
Олунньу
- Олунньу 5 — НКВД Аржаковы С.М. уонна Габышевы А.Г. хаайбыт.
- Олунньу 14 — Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии туһунан уурааҕы Саха АССР Норуотун Хамыһаардарын Сэбиэтэ таһаарбыт.
Кулун тутар
Муус устар
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 10 — Халыма-Индигир өрүс пароходствота үөскээбит.
Сэтинньи
- Сэтинньи 6 — НКВД-лар Васильевы С.В. хаайбыттар.
- Сэтинньи 26 — Майнилатааҕы түбэлтэ. Майнила диэн сэбиэскэй дэриэбинэ аттыгар сылдьыбыт саллааттары Финляндия өттүттэн пушканнан ытыалаабыттарыгар күтүрээбиттэр. Фииннэр билиммэтэхтэр, кыраныыссаҕа пушкабыт да суох диэбиттэр, силиэстийэ ыытарга модьуйбуттар, Сэбиэскэй бырабыыталыстыба онтон батыммыт уонна түөрт хонугунан сэриини биллэрбит.
Ахсынньы
- Ахсынньы 19 — ССРС Оборонаҕа кэмитиэтин мунньаҕар Кыһыл Аармыйа сэбилээһинигэр Т-34 тааҥканы ыларга быһаарбыттар.
- Ахсынньы 24 — ССРС үрдүнэн олохтоох Сэбиэттэр быыбардара ыытыллыбыт, саҥа 1938 сыллааҕы Төрүт Сокуоҥҥа (Конституцияҕа )олоҕуран судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уларытан тэрийии түмүктэммит.
Төрөөбүттэр
- Алтынньы 4 — Прокопий Яковлев — РФ уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа. 1979-1990 сылларга СГУ Медико-лечебнай факультетын декана, 1994-1999 сылларга СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ. Кэбээйи улууһун Ытык олохтооҕо.
- Алтынньы 7 — Готовцев Юрий Александрович. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин X, XI, XII ыҥырыыларын дьокутаата, Ил Түмэн III ыҥырыытын дьокутаата.
- Сэтинньи 17 — Кондаков Владимир Алексеевич, эмчит, суруйааччы.
- Сэтинньи 20 — Валерий Ноев — саха аатырбыт самодеятельнай хампаһыытара, билигин 50 тахса ырыата биллэр: «Кыракый кыысчааным», «Кыракый уолчааным» (И. Сысолятин), «Күөрэгэй» (М.Куличкина), «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току, ньээ-ньээм», «Кыыс Амма» (В.Ноев), «Хатыҥчааным барахсан» (В. Ноев), «Сардааналыын көрсүһүү» (И.Гоголев) уо.д.а.
- Ахсынньы 16 — Дуткин Христофор Иннокентьевич (16.12.1939—22.12.2002) — филология билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 19 — Николай Максимов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх араадьыйа суруналыыһа.
- Ахсынньы 24 — Саввинов Дмитрий Иванович — архитектор.
Өлбүттэр
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article 1939 сыл, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.