Кыһыл Аармыйа (офиц.
аата Оробуочайдар уонна бааһынайдар Кыһыл Аармыйалара, РККА) - РСФСР 1918-1922 сылларга, Сэбиэскэй Сойуус 1922–1946 сылларга сэбилэниилээх күүстэрин сатыы уонна салгын сэриилэрин аата. Сэбилэниилээх күүстэргэ маны тэҥэ Оробуочайдар уонна бааһынайдар Кыһыл Флоттара уонна Ис дьыала сэриилэрэ киирэллэрэ.
Кыһыл Аармыйа тэриллибит күнүнэн 1918 сыл олунньу 23 күнүн ааҕаллар. Бу күн баҕалаахтары аармыйаҕа суруйуу саҕаламмыт. Аармыйаны тэрийэр туһунан В.И. Ленин Дэкириэтэ тохсунньу 15 (28) күнүгэр тахсыбыта.
Кыһыл Аармыйаны тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ Лев Троцкай этэ.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Кыһыл Аармыйа, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.