Олох үөскээһинэ - тыыммат айылҕаттан тыынар тыыннаах үөскээһинэ.
Аныгы билим көрүүтүнэн Сиргэ олох 4,1—3,8 млрд сыл ынараа өттүгэр үөскээбит
Сиргэ олох хайдах үөскээбитин туһунан хас да түөрүйэ баар:
Былыргы Кытайга, Вавилоҥҥа, Былыргы Егиипэккэ маннык санааны тутуһаллара. Былыргы Греция бөдөҥ бөлөһүөгэ Аристотель этэринэн, эттик кыра сорҕолоро ханнык эрэ көҕү илдьэ сылдьаллар эбит. Ол көх табыгастаах усулуобуйаҕа олоҕу бэйэтэ үөскэтэр кыахтаах диир эбит. Бу санаа XVII-XVIII үйэлэргэ харамайдары, кинилэр куоппаһырыыларын сиһилии үөрэтии түмүгэр улахан охсууну ылбыта.
1924 с. биохимик А.И. Опарин, 1929 с. учуонай Дж. Холдейн углерод холбоһуктарын уһун кэмҥэ буолбут эволюцияларын түмүгэр олох үөскээбит буолуон сөп диэн сабаҕалааһыны бэчээттээбиттэрэ. Опарин этэринэн органика эттиктэрэ аммиактан, метантан, водородтан уонна ууттан үөскээбиттэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Олох үөскээһинэ, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.