Былыргы Эгиипэт - Нил өрүс кытылыгар 5000 сыл ынараа өттүттэн 25 үйэ тухары сайдыбыт дойду, Аан дойду бөдөҥ цивилизацияларыттан биирдэстэрэ.
Былыргы Эгиипэт устуоруйатын үс кэмҥэ араараллар: Былыргы саарыстыба, Орто саарыстыба уонна Саҥа саарыстыба. Биһиги эрабыт иннинэ 31 сыллаахха Эгиипэти Риим сэриилээн ылбыта.
Элбэх таҥаралаахтара. Ордук Күн таҥаратыгар (Ра) уонна өлбүттэр саарыстыбаларын таҥаратыгар (Осирис) үҥүү-сүктүү тарҕаммыт этэ. Ыраахтааҕыларын фараоннары таҥара тэҥэ туталлар этэ.
Тростниктан атах таҥаһа, оҥочо, быа, суруйарга анаан папирус оҥороллоро. Иероглибынан суруллубут тиэкистэрэ билигин да бааллар. Сылы 365 күҥҥэ эмиэ кинилэр бастаан араарар буолбуттара. Тутууга туттуллар инженернай билиилэр үрдүк таһымнаах этэ, сүҥкэн улахан пирамидаалары хайдах туппуттарын кистэлэҥин барытын билигин да таайа иликтэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Былыргы Эгиипэт, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.