Саха сиригэр балыктар Лаптевтар уонна Илин Сибиирдээҕи байҕалларга уонна ис ууларга (300 тыһыынчаттан тахса өрүс, үрэх, 709 тыһыынча биир гааттан улахан иэннээх күөл, Бүлүү уу харайар сирэ).
Байҕаллааҕы промысловай балыктааһын билигин суох, олохтоох суолталаах балыктааһын араас ууларга ыытыллар.
Билигин Саха сирин балыктара 93 көрүҥтэн уонна көрүҥ үөдүҥүттэн тураллар. Олортон тууһа суох ууга сылдьааччылара ааһар балыктары кытта аахтахха 2 кылааска, 8 этэрээккэ, 15 кэргэҥҥэ, 28 ууска киирэр 42 көрүҥ (олортон көрүҥ үөдүҥүнэн — 12) буолар. Өлүөнэ ууларыгар 38, Дьааҥы — 31, Халыма — 30, Индигир — 29, Анаабыр — 26, Алаһыай — 22 көрүҥ уонна көрүҥ үөдүҥэ үөскүүр.
Байҕал балыктарыттан Саха сиригэр 51 көрүҥ уонна көрүҥ үөдүҥэ бааллара биллэр. Бу балыктар Саха сиринээҕи биологиялара уонна экологиялара өссө да ситэри үөрэтиллэ илик.
Бу балыкка сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Саха сирин балыктара, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.