Хатыыс (лат. Acipenser baerii, нууч.
Саха сиригэр элбэх өрүстэргэ үөскүүр, үксүн алын уонна орто сүүрүктэригэр, муора хомолоругар. Өлүөнэ өрүскэ дельтаттан Киренскай куоракка дылы көстөр. Дьааҥы өрүскэ дельтаттан Верхоянскайга дылы, Индигииргэ арыт Зашиверскай диэки тиийэр, Халымаҕа Шаманиха диэн салаатыгар дылы (муораҕа түһэр сириттэн 1069 км), Өлөөҥҥө Чемудах диэн салаатыгар дылы (1020 км), Анаабырга орто уонна алын сүүрүктэригэр.
Түгэх балык, үөрүнэн сылдьар буолар. Сүүрүктээх сири сөбүлүүр. Киэһэ уонна түүн кытыл уонна арыылар тумустарын таһыгар баар буолар.
Аһылыга өрүс түгэҕин үөннэрэ, кыра балыктар (күстэх, кыһыл харах) уонна балык искэҕэ.
Искэҕин 15-18 сааһын туоллаҕына ыыр.
Куут - хатыыс, кээчэрэ хабаҕа.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Хатыыс, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.