Бүрээт тыла (эбэтэр бүрээт-моҥҕол тыла, бэйэтинэн аата — буряад хэлэн эбэтэр буряад-монгол хэлэн) диэн бүрээттэр уонна сорох атын омуктар тыллара буолар.
Моҥҕол тылларын бөлөҕөр киирэр. Нуучча тылын кытта Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин ил (государственнай) тыла буолар.
Субу маннык диалектэри араараллар:
Лексиканан уонна кыратык фонетиканан уратылаахтар. Морфологияҕа улахан уратылара суох, ол иһин араас диалегинэн саҥарар бүрээттэр бэйэ бэйэлэрин өйдөһөллөр.
XVII үйэ тиһэҕиттэн ыла моҥҕол былыргы суруга туттуллар этэ. XX үйэ саҕаланыытыгар бүрээт тыла маҥнайгылаан латын суругунан суруллубута: 1910 сыллаахха «Buriaad zonoi uran eugeiin deeji» диэн брошюра тахсыбыта. 1926 сыллаахтан бүрээт латын алпаабытын оҥоруута саҕаламмыта. Үс сылынан алпаабыт оҥкула бэлэмнэммитэ. Ол эрээри, ити барайыак бигэргэммэтэҕэ. 1930 сыл олунньутугар иккис барайыак оҥоһуллубута, ол гынан баран эмиэ туһаныллыбатаҕа. Дьэ, 1931 сыллаахха бүрээт латын алпаабыта үһүстээн тутуллан баран бигэргэммитэ:
A a | B b | C c | Ç ç | D d | E e | F f | G g |
H h | I i | J j | K k | L l | M m | N n | O o |
Ө ө | P p | R r | S s | Ş ş | T t | U u | V v |
X x | Y y | Z z | Ƶ ƶ | ь |
Болҕой: x уонна ь буукубалар 1937 сыллаахха биирдэ киирбиттирэ.
1939 сыллаахха алпаабыт өссө биирдэ уларыйбыта: бу сырыыга кириллицаҕа көспүтэ. Нуучча алпаабытыгар холоотоххо үс буукубанан элбэх: ө, ү уонна һ.
А а | Б б | В в | Г г | Д д | Е е | Ё ё | Ж ж |
З з | И и | Й й | К к | Л л | М м | Н н | О о |
Ө ө | П п | Р р | С с | Т т | У у | Ү ү | Ф ф |
Х х | Һ һ | Ц ц | Ч ч | Ш ш | Щ щ | Ъ ъ | Ы ы |
Ь ь | Э э | Ю ю | Я я |
Бу аан дойду тылларыттан биирдэстэригэр туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Бүрээт тыла, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.