Поллок Джексон (ааҥл. Paul Jackson Pollock; 1912 сыл тохсунньу 28 – 1956 сыл атырдьах ыйын 11) XX үйэ иккис аҥаарын ойуулуур ускуустубатыгар бөдөҥ сабыдыалы оҥорбут Америка уруһуйдьута, абстрактнай экспрессионизм диэн салаа идеолога уонна салайааччыта.
Кини уруһуйдара абстрактнай экспрессионизм иһин киэҥник биллибиттэр. Олус биллэр үлэлэлэрэ кырааска тохтон түспүтүнэн оҥоһуллубут. Кини хос аата "Джек Дриппер" (тохто сылдьар) диэн эбит. Ол ньыматын иһин дьон "хамсаныы уруһуйа" диэн ааттаабыттар. Поллокка кэргэнэ уруһуйдьут Лии Краснер көмөһөр эбит, уонна ол бириэмиэҕэ бэйэтэ истииллээх этэ.
1945 сыллахха Лии Краснер диэн ааттах уруһуйдьуту кэргэн ылбыт, кини карьератыгар уонна наследиятыгар улахан сабыдыалы оҥорбут.
Поллок 44 саастааҕар итирик сыльдьан массыынанан авариятыгар түбэһэн өлбүт. 1956 сыллаахха киниэхэ анааммыт Нью-Йорк куоракка Аныгы искусство музейыгар выставка ааспыт. Өссө улахан выставка 1967 сыллаахха ааспыт. 1998 уонна 1999 сылларга Нью-Йорк куоракка Аныгы искусство музейыгар уонна Лондоҥҥа Тэйт музейыгар ааспыттар.
2000 сыллаахха "Поллок" киинэ уһуллубут, сүрүн оруолун Эд Харрис толорбут, уонна ол оруолун иһин Оскар бириэмийэтин ылбыт.
2006 сыллаахха «Сотбис» аукциоҥҥа «5 нүөмэр, 1948» диэн хартыыната 140 мөл дуолларга атыыламмыта. Бу хартыына бэйэтин кэмигэр аан дойдуга саамай үрдүк сыаналаах буолбута.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Поллок Джексон, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.