Мэҥэ Хаҥалас — Саха Сирин ортотугар баар улуус.
Мэҥэ Хаҥалас улууһа Мегино-Кангаласский улус | |
Гиэрбэтэ | Былааҕа |
Дойду | Арассыыйа |
Статуһа | оройуон |
Регион | Саха Өрөспүүбүлүкэтэ |
Улуус киинэ | Аллараа Бэстээх |
Иһигэр киирэллэр | 31 олохтоох тэриллии |
Улуус баһылыга | Старостин Николай Прокопьевич |
Улуус буолуута | Олунньу 10, 1930 с. |
Урукку аата | Мэҥэ, Илин Хаҥалас |
Иэнэ | 11,7 тыс. км² км² |
Официальный язык | саха тыла |
Олохтоох дьонун ахсаана • Омуктара | 32 288 киһи (1995) Сахалар |
Олохтоохторун аата | мэҥэлэр, илин хаҥаластар |
Официальнай ситим-сир |
Административнай киинэ — Аллараа Бэстээх. Ол гынан баран улуус сорох тэрилтэлэрэ Майаҕа бааллар. Тыа хаhаайыстыбата олус сайдыылаах. Улуус баhылыга Старостин Николай Прокопьевич.
Улуус билиҥҥи кыраныыссатынан Олунньу 10 к. 1930 с. Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустар холбоhууларыттан үөскээбитэ. Оройуоннааһын кэмигэр Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин аҥаара (Чаҥкычах аҕатын ууһа бүтүннүү, Улахан уонна Биэкэнэ аҕаларын ууһун сорох өттө) Амма оройуонугар бэриллибиттэрэ.. Маны таһынан Аммаҕа Сатаҕай уонна Эмис нэһилиэктэрэ холбоммуттар. Оттон Мэлдьэхси, Бахсы уонна Алаҕар (Чыаппара) нэһилиэктэрин Чурапчы улууһугар холбообуттар.
Сэтинньи 8 к. 2007 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин ылыммыт сокуонунан улуус киинэ Майаттан Аллараа Бэстээххэ көспүтэ.
Улуус сиригэр саха омугун аатырбыт хорсуна Манчаары Баһылай төрөөбүтэ.
Мэҥэ улууһа XVII үйэттэн өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри Саха Сирин биир биллэр-көстөр уонна саамай бөдөҥ улуустарыттан биирдэстэрэ этэ. 1917 сыллаахха 20-ттэн тахса тыһыынча киһилээҕэ. Олохтоохтор үс улахан бөлөххө арахсаллара: Мэҥэ ууһа (Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрэ), Доллу Мэҥэ ууһа (Доллу, Дьаабыл, Араҥас нэһилиэктэрэ), Мэлдьэхси Дьаҥхаады, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрэ. Бу үс бөлөх нэһилиэктэр уопсай төрүттээхтэр диэн буолар. Мэҥэ ууһун уопсай төрдүнэн Эллэй Боотур уола Болотой Орхон (Оххон) ааҕыллар. Сорох сэһэнньиттэр атын дьону ааттыыллар: Соҕуруу Даары, Орулаа Талый, бэл XVII үйэ 70-с сылларыгар диэри олорбут Буох Дьиэхсин ойууну (сурукка киирбитинэн Декси Орлов).
МЭҤЭ — Бу төрүт-уус аат. Үһүйээннэр кэпсииллэринэн - киһи аата (антропоним). Ол ууһаан тэнийэн, кэҥээн, дорҕооннонон, сураҕыран, туругуран турар./.../ "Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ" кинигэ 1-гы чааьыгар (М.—Л. 1960) «Эллэй и его потомство» диэн таблицалар бааллар (стр. 304—307). Дьэ бу манна араас кэмҥэ суруллубут үһүйээннэргэ Мэҥэ улууһа Эллэй ханнык ыччатыттан силис тардан тахсыбыта кэпсэнэр. 1898 с. Байаҕантай улууһунааҕы Хаҥалас нэһилиэгин киһитэ П. Е. Готовцев: "Эллэй сиэнэ,Болотой Орхон уола Мэҥэ улуус төрдө буолбут" — диэбит./.../ Бу кэпсээн эрдэ суруллубут уонна улуу учуонай В. Радлов кинигэтигэр бэчээттэммит буолан, ордук ыйааһыннаах./.../ Аны сурукка киирбит саамай эрдэтээҥи туоһуну ылан көрүөҕүҥ. XVIII үйэ бастакы аҥаарыгар үлэлээбит Иккис Камчатскай экспедиция научнай үлэһитэ Я. И. Линденау: "Мэҥэ ууһун төрдө Болотой" — диэн суруйан хаалларбыт.Ити — үөһээ ахтыллыбыт Болотой Орхон. Мэҥэ, Мэҥэбил. Бас-көс буолар улуу бэлиэ дьон аҕа ууһун баһылыга буолаллар. Мэҥэлэр — Мэҥэбиллэр. Мэҥэлэр, Мэҥэбиллэр — Мэҥэ аҕатын ууһа. Халыҥнар.Нуучча казактара кэлээт да кинилэри, кинилэр олорор сирдэрин туспа улуус, волость диэн арааран ааттаабытынан киирэн барбыттара: Мегинская, (Маганская, Магальская, Мангунская)./.../
(Багдарыын Сүлбэ. Улуустар ааттара. — Дь.: «Бичик», 2001. — 69—70 с.)
Хоту Уус-Алданныын, хотугулуу-илин Чурапчылыын, соҕуруулуу-илин Аммалыын, cоҕуруулуу-арҕаа Хаҥаластыын уонна арҕаа Дьокуускайдыын кэккэлэhэр.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһа - Саха Сиригэр биир бастыҥ сайдыылаах улуус буолар. Саха Сирин 11% тыа хаһаайыстыбатын хааччыйар, Саха Сирин 17—25% промышленнай табаарын хааччыйар. Манна элбэх фермалар бааллар уонна 2020 (Сүүрбэ Сүүрбэ) программанан федеральнай программаҕа улуус киирбитэ — Мэҥэ бырайыак диэн. Аны 2012—2014 сыллардаахха тимир суол кэлиэхтээх, онно олохтоох дьон бэлэмэ суох диэн айдаан буола турар (2019 саҥа кэлбитэ)
Билигин харчы кириизиһинэн сибээстээн улууска үлэтэ суох дьон ахсаана улаата турар, холобур:
# | Бөһүөлэк уонна нэһилиэктэр | Кииннэрэ | Кыра сэлиэнньэлэр | Улуус кииниттэн, км | Почта индекса | Олохтоох ахсаана (2010 сыл) |
---|---|---|---|---|---|---|
1 | Аллараа Бэстээх, бөһүөлэк | улуус киинэ | 0 | 3513 | ||
2 | Майа | Майа | 34 | 7287 | ||
3 | Төҥүлү | Төҥүлү | 48 | 2306 | ||
4 | Нөөрүктээйи | Павловскай | Хомустаах | 10 | 2004 | |
5 | Дьаҥхаады | Төхтүр | Бөдьөлөк | 15 | 1184 | |
6 | Хара | Петровка | 36 | 1139 | ||
7 | Тараҕай | Табаҕа | 72 | 892 | ||
8 | Хорообут | Хорообут | Харба Атах | 70 | 984 | |
9 | Хаптаҕай | Хаптаҕай | 18 | 1004 | ||
10 | Мэҥэ | Балыктаах | 56 | 883 | ||
11 | Бүтэйдээх | Бүтэйдээх | 106 | 701 | ||
12 | Иккис Наахара | Хочо | 71 | 662 | ||
13 | Дьабыыл | Нуораҕана | 60 | 718 | ||
14 | Бастакы Тыыллыма | Лоомтука | 50 | 701 | ||
15 | Доллу | Тумул | 47 | 578 | ||
16 | Бастакы Наахара | Тиэлиги | 103 | 534 | ||
17 | Бэдьимэ | Бэдьимэ | 30 | 541 | ||
18 | Ходоро | Чүүйэ | 39 | 611 | ||
19 | Мөҥүрүөн | Матта | Көрдүгэн | 65 | 489 | |
20 | Ороссолуода | Ороссолуода | 26 | 472 | ||
21 | Алтан | Өлөчөй | 98 | 502 | ||
22 | Баатара | Сыымах | 99 | 502 | ||
23 | Мэлдьэхси | Суола | 62 | 426 | ||
24 | Моорук | Суола | 84 | 505 | ||
25 | Томтор | Томтор | 23 | 420 | ||
26 | Чыамайыкы | Даркылаах | 156 | 434 | ||
27 | Догдоҥо | Бөкө | Сото | 42 | 361 | |
28 | Араҥас | Тарат | 51 | 353 | ||
29 | Холгума | Бырама | 97 | 294 | ||
30 | Иккис Тыыллыма | Хаатылыма | 68 | 118 | ||
31 | Дойду | Хапчаҕай | 92 | 132 | ||
Барыта | 31268 |
Ходулов Дмитрий Федорович (04.08.1912—03.10.1976) — СССР норуодунай артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа.
Попов Фёдор Кузьмич (08.12.1921—13.10.1943) — сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Баишева Февронья Алексеевна — РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
Попова Марина Константиновна (21.12.1927 - 16.07.2014) - ырыаһыт, Саха АССР норуодунай артыыһа.
Манчаары Баhыылай (Слободчиков Василий Федорович) (1805—1870) — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи.
Владимир Петрович Ларионов (10.02.1938 — 04.03.2004) — саха биллиилээх учуонайа, сахаттан бастакы Россия билимнэрин Академиятын академига (1997), техническэй билимнэр доктордара, профессор.
Сергучев Лазарь Лазаревич (04.01.1928—1993) — Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
Колесов Гавриил Гаврилович (08.03.1932—1997) — саха суруйааччыта, Саха АССР норуодунай артыыһа
Варламова Анастасия Николаевна (23.03.1948—16.08.2006) — саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
Борисова Степанида Ильинична — театр уонна киинэ артыыһа, ырыаһыт, Российскай Федерация норуодунай артыыһа.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.