Лабыкталар | ||
---|---|---|
Билим классификацията | ||
| ||
Латыынныы аата | ||
Lichenes |
Лабыкталар (лат. Lichenes) - Кэрэхсэбиллээх организмнар бөлөхтөрө, лабыкталары үөрэтэр үөрэх - лихенология. Кинилэр икки араас тыынар тыыннах холбоһууларыттан тахсыбыттар биирэ тэллэй - микобионт дэҥэр, иккиһэ салахай - фотобионт диэн. Микобионт "таллом"(лабыкталар эттиктэрэ) сүрүн чааһа буолар, ол быыһыгар салахайдар килиэккэлэрэ бааллар. Барыта 26 тыһыынча кэриҥэ көрүҥ киирэр. Саха сиригэр саамай биллэр Cladonia rangiferina Hoffm диэн лабыкта буолар, кини табалар сүрүн астара буолар.
Икки организм холбоһуута - симбиоз, ол гынан баран учуонайдар бүтэһик быһаарыыларынан лабыкта тэллэйэ салахайга паразит буолар.
Лабыкталар саамай араас дьүһүннээх уонна өҥнөөх буолуохтарын сөптөр (Хара, Араҕас, От күөх, уо. д. а)
Тас көрүннэринэн үс бөлөххө араараллар:
Тас көстүүлэрэ күүгэн курдук. Талломнара үүнэр сирдэригэр олус кытаанахтык сыстар, алдьаммахха кыайан ылыллыбат.
Тас көстүүлэрэ сэбирдэхтэри санатар. Талломнара аллараанны өттүлэринэн сорох сирдэринэн сыстар.
Тас көстүүлэри үүнээйиҕэ маарынныыр. Саамай уустук уонна кэрэхсэбиллээх көстүүлээх. Мастарга ыйанан үүнүөн сөп.
Лабыкталар талломнара тэллэй гифаларыттан оҥоһуллубут, ол быыһыгар салахай килиэккэлэрэ баар. Таллом икки көрүҥүн араараллар:
гомеомернай - салахай килиэккэлэрэ гифалар быыһыгар күүскэ тарҕаммыт.
гетеромернай - салахай таллом биир араҥатыгар эрэ тарҕаммыт.
Бу айылҕаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Лабыкталар, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.