Ке́чуа (өссө кечва, кичуа, кичва) (кечуа Qhichwa simi — «хайа хочолорун тыла», кечуа Runasimi — «киһи тыла») — Соҕуруу Америкаҕа олохтоох кечуа омук тыла, кечуа тылларын бөлөҕөр киирэр.
Соҕуруу уонна Хоту Америкалар индеецтарын тылларыттан саамай элбэх саҥаарааччылаах. Европалар кэлиэхтэрин иннинэ бастаан Чинча судаарыстыба онтон иинкалар Тауантинсуйу судаарыстыбаларын (XII−XVI үйэлэр) тыла буола сылдьыбыт. Иинкалар саҕанааҕы суруллубут суруктар бааллар. Билигин кечуа тылынан Соҕуруу Америкаҕа 12,8 мөлүйүөн кэриҥэ киһи саҥарар. Ону таһынан лингва-франка быһыытынан Амазонияҕа туттуллар. Эквадорга уонна Аргентинаҕа, сороҕор Боливияҕа «кичуа» (Quichua, Kichwa) диэн барыла туттуллар.
Билиҥҥи литэрэтиирэ тыла латыын алпаабытын испаанныы барылын туһанар. Оскуолаларга туттуллар, ол эрэн элбэҕэ суохтук.
SIL классификациятыгар кечуа араас түөлбэ тыллара туһунан тыллар курдук көрүллэллэр. Куско куоракка баар Кечуа тылын улахан акалемията кечуа тылларын биир тыл курдук көрөр.
Бу аан дойду тылларыттан биирдэстэригэр туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Кечуа тыла, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.