Дми́трий Ива́нович (был.-нууч.
Иван II Кыһыл иккис ойоҕуттан Александра Ивановнаттан уола.
Дмитрий салайар кэмигэр Москуба княжествота нуучча сирдэрин бэйэтин тула түмэр кииннэртэн биирдэрэ буолбута, Владимир улуу княжествота Москуба кинээстэрин нэһилиэстибэннэн бэриллэр сирдэрэ буолбута, ол эрээри Тверь уонна Смоленскай княжестволара Москуба дьайыытыттан тахсыбыттара. Алтан Ордуу сэриилэрин иккитэ кыайбыта эрээри Нуучча улууһа Монгуол судаарыстыбатыттан тахсыбатаҕа, Куликово кыргыһыытын кэнниттэн өссө да биир үйэ тухары түһээн төлүү олорбута. Маны таһынан Москубаҕа кини кэмигэр таас кремль тутуллубута.
1359 сыллаахха аҕата Кыһыл Уйбаан өлбүтүн кэннэ Дмитрий 9 сааһыгар кинээс буолбута. Кыра эрдэҕинэ Москуба княжествотын кини оннугар Алексий (Алексей Федорович Бяконт) митрополит салайбыта. Кыһыл Уйбаан аҕатыттан Иван Калитааттан ылбыт сирдэрин икки уолугар хаалларбыта, ол сирдэри инитэ Семен кыра эрдэҕинэ өлбүтүн кэннэ Дмитрий тутан хаалбыта.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Дмитрий Иванович Донской, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.