Кумахы эбэтэр Титириир ыарыы (нууч.
Киһиэхэ паразиттар хаан иһигэр киирдэхтэринэ ыалдьар. Сыл аайы 300-700 мөл. киһи кумахынан ыалдьар, уонна 1-2 мөл киһи өлөр.
Малярия | ||
---|---|---|
Малярия ыалдьар кымаар ыстыырыгар тарҕанар | ||
МКБ-10 | B50.-B54. | |
МКБ-9 | 084 | |
OMIM | 248310 | |
DiseasesDB | 7728 | |
MedlinePlus | 000621 | |
eMedicine | med/1385 emerg/305 ped/1357 | |
MeSH | C03.752.250.552 |
Кумахыны аҕалар паразит аата Плазмодиум диэн протозоа буолар. Протозоа диэн биир эрэ клектаттан тутар организмнары аатыыллар, бактерияттан быдан кыра уонна боростуой.
Киһи сүнньүнэн Анофелес эбэтэр Кулекс диэн кымаар көрүҥнэриттэн киһини ыстаатаҕына ыалдьар. Плазмодиум диэн кымаар оһуобай силэ. Ол силин киһини ыстыырыгар ыһар, оччоҕуна ыарыы саҕаланар.
Тыһы кымаардара эрэ тарҕаталлар, тоҕо диэн атыыр кымаардара хааны хомуйбаттар. Кинилэр үүнээйи нектардарын иһэллэр. Тыһы кымаар хааны сымыыт оҥороругар туттар.
Киһи атыннык эмиэ ыалдьыан сөп. Ол курдук оҕо ийэтин иһигэр ыалдьыан сөп. Эбэтэр хаан кутуутугар эмиэ сыстыһыахха сөп. Сорох дьон шприц инньэтин ыалдьыбыт киһи кэнниттэн иккистээн туттан ыалдьыан сөп.
Плазмодиум хас да көрүҥэ малярияны ыҥыраллар:
P. vivax уонна P. falciparum малярия улахан өттүн аҕалаллар.
Дьон нэһилиэнньэтиттэн 40% малярия баар сиригэр олорор, ол курдук:
Өлүү 90% Афркаҕа буолар. Ыалдьыбыт дьонтон ордук өлөр категорията - оҕолор. Оҕо өлбөтөҕүнэ даҕаны мэйиитигэр улахан дьайыылаах буолар.
Өлүү кэнники бириэмэҕэ олус аччаабытын да иһин дьадаҥы дойдуларга кымаардары кытта охсуһууга эбэтэр эми ыларга харчы суох, сороҕор харчы баар да буоллаҕына медицина системата суох буолар, ол курдук Африка орто дойдуларыгар сэрии буола турар, эбэтэр соторутааҕыта бүппүтэ, ол гынан иһин медицина системата олохтоммотох.
Кумахы сибикилэрэ
Кумахы бэлиэлэрэ:
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Кумахы (ыарыы), which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.