Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа — ССРС-ка саамай үрдүк бочуоттаах аат.
Бу ааты сэрии кэмигэр эбэтэр үлэҕэ хорсун-хоодуот быһыыны оҥорбут эбэтэр уһулуччулаах көрдөрүүнү ситиспит дьоҥҥо иҥэрэллэрэ.
Анал бэлиэ 1934 сыллаахха муус устар 16 күнүгэр ССРС Киин ситэриилээх Кэмитиэтин уурааҕынан олохтоммута. Бу аат Хотугу Муустаах акыйааҥҥа хаайтарбыт «Челюскин» диэн мууһу хайытан устар борохуот экипаһын уонна научнай үлэһиттэрин ситиһиилээхтик быыһаабыттарга анаммыта. Сэбиэскэй Сойуус бастакы Дьоруойдарынан летчиктар А.Ляпидевскай, М.Слепнев, В.Молоков, Н.Каманин, М.Водопьянов, И.Доронин буолбуттара.
Дьоруой Кыһыл Көмүс Сулуһа сэбиэскэй норуот уонна государство иннигэр ытык иэстэрин толорбут бастыҥ дьоҥҥо туттарыллар үрдүктэн үрдүк суолталаах наҕараада буолар. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа диэн аат 12729 киһиэхэ, ол иһигэр Саха сириттэн 25 буойуҥҥа уонна тас дойдулар 44 бэрэстэбиитэллэригэр туттарыллыбыта.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.