Ксенофонтов Федот Алексеевич - Докумуон (1933с.) — сэһэнньит, драматург, 1997 с.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
1933 сыллаахха сэтинньи ый 14 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр Лөкөчөөҥҥө элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Ксенофонтов Алексей Дмитриевич (Аманааскы) олоҥхоһут идэлээх киһи эбит. Ийэтэ Аана. Андреев аатынан холкуоска үлэлээбиттэр .
Сэттэ кылаас кэнниттэн тыа кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран төрөөбүт холкуоһугар биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Комсомол Дьокуускай куораттааҕы комитетыгар инструкторынан, "Дьокуускай" совхозка комсомол комитетын босхоломмут секретарынан, лесхоз директорынан, гражданскай оборона штабын начальнигынан араас сылларга үлэлээбитэ.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ксенофонтов Федот Алексеевич, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.