Протестантизм - христианство үс бөдөҥ салааларыттан биирдэстэрэ.
XVI үйэҕэ Реформация кэмигэр Европаҕа үөскээбитэ.
Бу тиэрмининэн католицизмтан уонна православиеттан ураты христиан сыаркаптары холбоон ааттыыллар. Мартин Лютер үөрэнээччилэрэ Германияҕа уонна Скандинавияҕа евангелия сыаркапатарын үөскэппиттэрэ, Жан Кальвин уонна У. Цвингли үөрэнээччилэрэ Швейцарияҕа олохтообуттара. Кальвин үөрэннэччитэ Дь. Нокс Шотландияҕа олохтообута. Францияҕа протестааннары гугеноттар диэн ааттаабыттара. Бу дойдуга католиктары кытта былаас былдьаһыытыгар аҕыста гугенот сэриилэрэ буолбуттара.
Англикаан уонна Епископал сыаркаптар Англияҕа төрүттэммиттэрэ. Кинилэр католиктарга ордук чугастар.
Протестаан таҥара дьиэлэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн уратылара улахан, ол гынан баран Бииблияны бастакы күөҥҥэ туруоралларынан, киһи тугу оҥорбутунан буолбакка туохха итэҕэйэрэ быыһанарга улахан оруоллаҕын билинэллэринэн бииргэлэр.
XXI үйэ саҕаланыытыгар аан дойдуга 350 мөл протестаан баара.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Протестантизм, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.