Николаев Иван Николаевич (Уххан) (1955 төр.) — суруйааччы, суруналыыс, түмэтчи.
1955 сыллаахха ыам ыйын 28 күнүгэр Сунтаар улууһугар Түбэй с. төрөөбүт.
Айар үлэтин 1985 сылтан саҕалаабыт. 1992 сыллаахха хоһооннорун бастакы хомуурунньуга бэчээттэммит.
1988 сылтан Дьокуускайга тахсар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Эдэр коммунист» ыччат хаһыатыгар кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбит.
1990 сыллаахха Саха государственнай университетын филология салаатын бүтэрбит.
90-с сыллартан саха омугун эгэлгэ хамсааһыннарыгар көхтөөхтүк кыттыбыта. "Саха кэскилэ" хамсааһын, "Ийэ тыл", "Кут-сүр", "Ытык Сир" уопсастыбалар, "Саха литэрээтэрэ" ассоциация уонна "Өлүөнэ сарсыардата" төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ. «Сахаада», «Туймаада саҥата», «Кыым» хаһыаттарга үлэлээбит.
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Уххан, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.