Суорат от эбэтэр Харыйа от (Achilléa millefólium L.) (нууч.
Кини тыа саҕатыгар, ходуһаҕа, алааска, от үрэх сүнньүнэн хойуутук үүнэр. Умнаһын үрдүгэ 20—50 см, уһун синньигэс силиргэх силистэрдээх. Хардарыта үүммүт, куорсуҥҥа маарынныыр бытырыыс сэбирдэхтэрдээх. Кыра тэтэркэйдиҥи үрүҥ сибэккилэрэ ситтэхтэринэ, умнаһын тоһута тутан хомуйуллар. Күлүк, салгыннаах сиргэ холбуу баайталаан, ыйаан куурдуллар. Сэбирдэҕэ күһүөрү сайдар. Сайын убаҕас, иинэҕэс буолар.
Суорат оту ис ыарыытыгар, аһыыр баҕаны көбүтэргэ, куртах ыарыытыгар, куртах хаана барыытыгар, эмтэрэр ийэ үүт киллэрэригэр, геморройга, кутургуйа тохтообокко тахсарыгар, ииги кыайан туппат буолууга, панкреатикка (ноор ыарыыта), киһи сирэйигэр, этигэр искэн таҕыстаҕына тутталлар. Көөнньөһүгү матка ыарыытыгар, атеросклерозка, аллергияҕа, анемияҕа тутталлар.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Суорат от, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.