Сабри Үлкэр (Sabri Ülker) диэн Түүркүйэ кондитера уонна урбаанньыта.
Ülker компания олохтооччута.
Сабри Үлкэр | |
---|---|
| |
Төрөөбүтэ | Сабри Берксан 1920 Кырыым |
Өлбүтэ | 2012 бэс ыйын 12 Истанбул, Түүркүйэ |
Иинэ | Топкапы көмүргэнэ, Истанбул |
Үөрэҕэ | Мармара университета |
Идэтэ | Урбаанньыт |
Тугунан биллэр | Ülker олохтооччута |
Сабри Үлкэр 1920 сылга Кырыым Корбек суртугар кырыым татаар ыалыгар төрөөбүтэ. 1929 сылга дьонун кытта Түүркүйэҕэ көспүтэ. Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр Султанахмет экономика уонна коммерция академиятын (билигин Мармара университета) бүтэрбитэ. 1944 сылга Ülker компанияны олохтообута. Убайыныын Асимныын 100 м2 иэннээх бэкээрнэ ыланнар бэчиэнньэ буһаран саҕалаабыттара. 1974 сылга Ülker бэчиэнньэтэ аан дойдутааҕы таһымҥа тахсыбыта. 1989 сылга Ülker компания Yıldız Holding конгломерат буолбута. Сабри Үлкэр аһымал, түмэт, билим, үөрэх эйгэлэригэр араас оҥкуллары тэрийэн үбүлүүрэ. 2012 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр 92 сааһыгар сырдык тыына быстыбыта.
Ойоҕо Гүзиде Иман (1924-2010). Үс оҕолоохторо - Али Үлкэр (эрдэ өлбүтэ), Ахсен Өзокур, Мурат Үлкэр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Сабри Үлкэр, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.