Поляктар (пол. Polacy) диэн арҕаа славяннар киирэр омук.
Польша Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн нэһилиэнньэтэ (96 %). Поляктар уопсай ахсааннара — 55 мөл кэриҥэ киһи, онтон Польшаҕа — 38 мөл. Аан дойдуга поляктартан төрүттээх дьон ахсаана — 60 мөл киһи. Поляктар диаспоралара Полония диэн ааттаах. Поляктар үгүстэрин төрөөбут тыллара — индоевропейскай тыллар славян тылларыгар киирэр поляк тыла.
Поляктар уруккуттан итэҕэллэрэ — католицизм. 1917 сыллаахха дылы поляктар Арассыыйа империятын саамай элбэх ахсааннаах омуктарын ахсааныгар киирэллэр этэ. Бүтүн Сойуустааҕы биэрэпис түмүгүнэн 1989 сыллаахха Сэбиэскэй Сойууска 1 126 334 поляк олорор этэ.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Поляктар, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.