Оросин Константин Григорьевич (1853–1903), олоҥхоһут.
Боотур Уус улууһун Бастакы Игидэй нэһилиэгэр 1853 сыллаахха баай ыалга төрөөбүтэ.
Төрөппүттэрэ аатырбыт олоҥхоһуттары ыҥыраллара, ол иһин эдэр сааһыттан ылыыр-туойар буолбута.
Кэргэннэнэн баран «Намара» үрэххэ олохсуйбута. Кини дьиэтигэр ырыаһыттар мэлдьи мунньусталлара.
Кини доҕотторунан биллэр дьоннор этилэр: протоиерей Д. Д. Попов, көскө олорооччулар Э. К. Пекарскай, В. М. Ионов, Н. А. Виташевскай, В. Ф. Трощанскай.
Ити дьоннор сабыдыалларынан үөрэхтэммит, фольклору хомуйааччы буолбут.
Э. К. Пекарскай бэлэхтээбит тэтэрээтигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйбута.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
Бу саха культуратыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Оросин Константин Григоьевич., which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.