Ньылхан.
(нууччалыы: Нелькан) Хабаровскай кыраай Айаан-Маайа оройуонугар баар сэлиэнньэ, оройуон кииниттэн 200 км.
Нэһилиэнньэтин ахсаана 1204 киһи (2008 сыл), нууччалар уонна эбэҥкилэр.
Маайа өрүскэ аал сырыытын бүтэһик пууна.
Сэлиэнньэ Айаан пуордун Дьокуускайы кытта ситимниир суолга турара. 1818 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр манна бурдук ыскылаата тутуллубутун туһунан сурук баар. 1848 сыллаахтан 1867 сыллаахха диэри бу ыскылаат Арассыыйа-Америка хампаанньатын бас билиитигэр сылдьыбыта. Бу суолунан XIX үйэҕэ табаарынан Дьокуускай уонна Иркутскай хааччыллаллара. Ол курдук үйэ бүтэһигэр сылга Ньылхан нөҥүө 100 тыһыынчаҕа диэри чэй хоппото тиэйиллэрэ биллэр. Бу суолу хааччыйарга үөрэхтээх дьон ирдэнэр буолбуттар, онон 1902 с. сыаркап приходун оскуолата аһыллыбыта.
1926 сыллаахха Ньылхаҥҥа Бары тоҥустар иккис сийиэстэрэ арыллыбыт. Манна Сэбиэскэй Саха сирэ депутааттара кыттыыны ылбыттар. Сүрүн ырытыллыбыт боппуруос: тоҥустар уонна сэбиэскэй былаас.
Саха хомуньуустара бу иннинэ саҕаламмыт тоҥус бастаанньатын уҕарыта сатаабыттар, тоҥустар буоллаҕына сэбиэскэй былаас туох да үчүгэйи аҕалбата диэн санааларын уларыппатахтар
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Ньылхан, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.