Айаан.
(Нууччалыы: Аян) Сэлиэнньэ, Хабаровскай кыраай Айаан-Маайа оройуонун киинэ, Лаамы байҕал кытылыгар айылҕа үөскэппит хомоҕо турар.
Сэлиэнньэ атын бөһүөлэктэртэн ыраах сытар, сырыылара көтөр аал эрэ, сайын уунан.
Тракт Дьокуускайы Лаамы байҕалы кытта холбообута уонна Амма-Айаан диэн ааттаммыта.
Тракт Нельканынан, Аимынан, Уус Маайаннан уонна Амманнан ааспыта. 1846 сыллаахха Айаан муора пордун статуһун сүкпүтэ.
Эргиэн эмискэ үрдээбитэ. Аляска Америкаҕа атыыламмытын кэннэ тракт урукку суолтатын сүтэрбитэ уонна 1867 сыллаахха сабыллыбыта.
1922 сыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр икки борохуотунан генерал Пепеляев Сибиирдээҕи Добровольческай Дружината тиийэн кэлэр.
Айааҥҥа гарнизону хаалларан баран тракт устун Дьокуускай диэкки барбыта.
Саһыл Сыһыыга хотторон баран Пепеляев Айааҥҥа 1923 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр төннөр.
1923 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр Айааҥҥа Ыстапаан Вострецов хамаандалаах кыһыл этирээт киирэр, гарнизон капитуляциялыыр.
This article uses material from the Wikipedia Саха тыла (Saxa Tyla) article Айаан, which is released under the Creative Commons Attribution-ShareAlike 3.0 license ("CC BY-SA 3.0"); additional terms may apply (view authors). Маны туһанары CC BY-SA 4.0 лиссиэнсийэ көҥүллүүр (атын ыйыллыбытах буоллаҕына). Images, videos and audio are available under their respective licenses.
®Wikipedia is a registered trademark of the Wiki Foundation, Inc. Wiki Саха тыла (Saxa Tyla) (DUHOCTRUNGQUOC.VN) is an independent company and has no affiliation with Wiki Foundation.